Основная информация
Дата опубликования: | 22 декабря 2015г. |
Номер документа: | RU14000201501072 |
Текущая редакция: | 1 |
Статус нормативности: | Нормативный |
Субъект РФ: | Республика Саха (Якутия) |
Принявший орган: | Правительство Республики Саха (Якутия) |
Раздел на сайте: | Нормативные правовые акты субъектов Российской Федерации |
Тип документа: | Постановления |
Бесплатная консультация
У вас есть вопросы по содержанию или применению нормативно-правового акта, закона, решения суда? Наша команда юристов готова дать бесплатную консультацию. Звоните по телефонам:Федеральный номер (звонок бесплатный): 8 (800) 555-67-55 доб. 732Москва и Московская область: 8 (499) 350-55-06 доб. 192Санкт-Петербург и Ленинградская область: 8 (812) 309-06-71 доб. 749
Текущая редакция документа
РАСПОРЯЖЕНИЕ
РЕСПУБЛИКА САХА (ЯКУТЯ)
ПРАВИТЕЛЬСТВО РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ)
ПОСТАНОВЛЕНИЕ
от 22.12.2015 № 501
О Правилах орфографии и пунктуации языка саха
На основании статьи 4 Закона Республики Саха (Якутия)
от 16 октября 1992 г. № 1170-XII «О языках в Республике Саха (Якутия)», в целях укрепления орфографического режима и унификации норм государственного языка саха Правительство Республики Саха (Якутия) п о с т а н о в л я е т:
1. Утвердить Правила орфографии и пунктуации языка саха согласно приложениям № 1, 2, 3, 4 к настоящему постановлению.
2. Признать утратившим силу постановление Правительства Республики Саха (Якутия) от 14 февраля 2001 г. № 83 «Об орфографии языка саха».
3. Контроль исполнения настоящего постановления возложить на заместителя Председателя Правительства Республики Саха (Якутия) Дьячковского А.П.
4. Опубликовать настоящее постановление в официальных средствах массовой информации.
Председатель Правительства
Республики Саха (Якутия) Г. ДАНЧИКОВА
1
ПРИЛОЖЕНИЕ № 1
УТВЕРЖДЕНЫ
постановлением Правительства
Республики Саха (Якутия)
от 22 декабря 2015 г. № 501
Сахалыы таба суруйуу быраабылалара
I. Саха тылын дорҕоонноро уонна кинилэр суруллуулара
1. Саха тыла сүүрбэ аһаҕас дорҕоонноох. Ол иһигэр аҕыс – кылгас: а, о, э, ө, и, ы, у, ү; аҕыс – уһун: аа, оо, ээ, өө, ии, ыы, уу, үү; түөрт – дьуптуон: ыа, уо, иэ, үө.
2. Саха тыла сүүрбэ бүтэй дорҕоонноох: б, г, ҕ, д, дь, й, й [j], л, м, н, нь, ҥ, р, һ – ньиргиэрдээх; к, п, с, т, х, ч – ньиргиэрэ суох.
3. Уһун аһаҕас, дьуптуон уонна хоһулаһар бүтэй дорҕоон сурукка икки буукубанан бэлиэтэнэр, холобур: таас, туус, ыар, иэс, уос, үөс; аттаах, муннук.
4. Хоһуласпыт ньнь бүтэй дорҕооҥҥо биир сымнатыы бэлиэтэ суруллар, холобур: оонньоо, оҕонньор, булгунньах, чаанньык (этиллэрин курдук ооньньоо, оҕоньньор, булгуньньах, чааньньык буолбат).
5. Мурун j дорҕооно сурукка й буукубанан бэлиэтэнэр.
М а н т а н т у о р у у р: аньыы.
II. Тыл олоҕун таба суруйуу
6. Тыл олоҕун бастакы сүһүөҕэ о эбэтэр а дорҕоонунан туспатыйан, дойду – дайды, хотуур – хатыыр, солуур – салыыр диэн этиллэн араастанар буоллаҕына, сурукка о дорҕоонноох арааһа ылыллар: дойду, хотуур, солуур.
7. Тыл олоҕо ө эбэтэр э дорҕоонунан туспатыйан, сөрүүн-сэриин, өлүөр – элиэр, мөккүөр – мэккиэр, сөкү – сэки диэн этиллэр буоллаҕына, сурукка ө дорҕоонноох арааһа ылыллар: сөрүүн, өлүөр, мөккүөр, сөкү.
8. Тыл олоҕо и эбэтэр э дорҕоонунан туспатыйан, илии – элии, силии – сэлии, иҥиир – эҥиир, бириэмэ – бэриэмэ, кэнники – кэннэки диэн этиллэр буоллаҕына, сурукка и дорҕоонноох арааһа ылыллар: илии, силии, иҥиир, бириэмэ, кэнники.
М а н т а н т у о р у у л л а р: эҥин, эһиги.
9. Тыл олоҕо а эбэтэр ы дорҕоонунан туспатыйан, ыйдаҥа – ыйдыҥа, антах – ынтах, наҕараада – наҕыраада, халтараан – халтыраан, хантараак – хантыраак диэн этиллэр буоллаҕына, сурукка а дорҕоонноох арааһа ылыллар: ыйдаҥа, антах, наҕараада, халтараан, хантараак.
10. Дайбаа – тайбаа, судургу – сутургу, хайдах – хайтах диэн д уонна т аралдьыһыылаах тыллар олохторугар д буукуба суруллар: дайбаа, дабыдал, далаһа, дай, судургу, хайдах.
11. Тыл саҕаланыытыгар с эбэтэр һ дорҕоонунан туспатыйан, суох – һуох, сааскы – һааскы, сурук – һурук диэн барыйааннаах буоллаҕына, сурукка с дорҕоонноох арааһа ылыллар: суох, саха, сааскы, сурук.
12. Тылга һ дорҕоон кылгас аһаҕас дорҕоонунан арыттанан хос хатыланар буоллаҕына, бастакыта с дорҕооҥҥо кубулуйар, холобур: эсэһит, сүөсүһүт, үсүһүн; оттон уһатыылаах аһаҕаһынан араарыллар буоллаҕына уларыйбат, холобур: аһааһын, ууһааһын.
13. Түөрт – түөт, бэрт – бэт, булт – бут, тарт – тат, орт – от курдук икки аҥыы этиллэр тыл олоҕо -рт, -лт бүтүүлээх суруллар: түөрт, бэрт, булт, тарт, орт.
14. Тыл олоҕор ньиргиэрэ суох к, п, с, т, х, ч уонна ньиргиэрдээх д бүтэй дорҕооннор иннилэригэр турар р уонна л бүтэй дорҕооннор уларыйбаттар, холобур: ардах, бытархай, кырпай, оборчо, орто, саһархай; талкы, тэрилтэ, тэтэркэй, харчы, холку, чарпа, ылтаһын, эркин, булчут.
Х о с б ы һ а а р ы ы: алчай – аччай, былчархай – быччархай, былчыҥ – быччыҥ, бэгэлчэк – бэгэччэк, былчай – быччай, мүлчү – мүччү диэн икки аҥыы этиллэр тылларга чч суруллар: аччай, быччархай, быччыҥ, бэгэччэк, быччай, мүччү.
15. Аҕабыыт – аҕабыт, аҥыы – аҥы, аҥаар – аҥар, миин – мин, ойуун – ойун, туораах – туорах, эҥээр – эҥэр, эдьиий – эдьий, эмиий – эмий диэн икки аҥыы этиллэр тыл олоҕор уһун аһаҕас суруллар, холобур: аҕабыыт, аҥыы, аҥаар, миин (эт миинэ), ойуун, туораах, эҥээр, эдьиий, эмиий.
16. Даҕааһын аат уонна сыһыат суолтатыгар туттуллар миэстэни уонна кэми көрдөрөр үөһэ – үөһээ, аллара – аллараа, киэһэ – киэһээ курдук туспатыйар тыллар даҕааһын суолталаннахтарына, олохторун бүтүүтүгэр уһун аһаҕас суруллар: үөһээ тутаах, аллараа кэрдиис, киэһээ чэй; оттон сыһыат суолталаннахтарына, кылгас аһаҕас суруллар, холобур: үөһэ турар, аллара уур, киэһэ кэлээр.
17. Бүтүүлэрэ тоҕо – тоҕу, дьөлө – дьөлү, хайа – хайы, оҥо – оҥу курдук киэҥ эбэтэр кыараҕас аһаҕас дорҕоонунан туспатыйан этиллэр сыһыаттар олохторо киэҥ аһаҕас дорҕоонноох суруллар: тоҕо, дьөлө, хайа, оҥо.
18. Да (даа) диэн көмө тыл сыһыан тыл уонна ыйытар эбиискэ суолталаах буоллаҕына, аа дорҕоонноох суруллар, холобур: кэл даа көрдөһөбүн; туох даа?, онтон атын түбэлтэҕэ а суруллар, холобур: ким да суох, көрдүм да ыллым, соло да суох, ыарыйдарбын да үлэлээтим, кыра да эбит.
19. Гын диэн туохтуур уонна нуучча тылыттан киирбит г-нан саҕаланар сорох тыллар олохторо г дорҕоонноох суруллар: гын, гаас, гуорун, гиэрбэ, гаайка.
III. Сыһыарыылаах тыллары таба суруйуу
Аат тыл
20. Тыл олоҕо х дорҕоонунан бүтэр буоллаҕына, ааттарга эбиллэр
-чыт (-сыт) сыһыарыы ч буукубаттан саҕаланан суруллар, холобур: оһохчут, туһахчыт, куобахчыт; оттон тыл олоҕо к дорҕоонунан бүтэр буоллаҕына, сыһыарыы с буукубалаах суруллар, холобур: балыксыт, суруксут, ыанньыксыт.
М а н т а н т у о р у у л л а р: ынахсыт, табахсыт, чабырҕахсыт, өлүөхсүт, буолуохсут диэн курдук тыллар.
21. л, р, с, т дорҕооннорунан бүтэр ааттарга -чыт (-дьыт) сыһыарыы эбиллиитигэр тыл олоҕун бүтүү дорҕоонноро кубулуйбаттар, холобур: мас – масчыт, күөс – күөсчүт, от – отчут, эт – этчит, суол – суолдьут, хайыһар – хайыһардьыт, сүгэһэр – сүгэһэрдьит.
22. -мньы эбэтэр -мдьы сыһыарыынан үөскүүр баһымньы – баһымдьы, кыһамньы – кыһамдьы, өһүөмньү – өһүөмдьү курдук аат нь буукубалаах суруллар: баһымньы, кыһамньы, өһүөмньү.
23. -н дорҕоонунан бүтэр ааттарга элбэх ахсаан сыһыарыыта -лар эбиллэригэр, хоһуласпыт нн дорҕоон суруллар, холобур: сэһэн – сэһэннэр, аан – ааннар, отон – отоннор.
М а н т а н т у о р у у л л а р: тойоттор, хотуттар, барахсаттар, эмээхситтэр, улахаттар, сүллүүкүттэр, түөкүттэр, күлүгээттэр, ыарахаттар диэн тыллар.
24. -р дорҕоонунан бүтэр ааттарга эбиллэр элбэх ахсаан сыһыарыыта
-дар көрүҥүнэн суруллар, холобур: оонньуур – оонньуурдар, сыыр – сыырдар, солуур – солуурдар.
М а н т а н т у о р у у л л а р: дьахтар – дьахталлар, оҕонньор –оҕонньоттор, доҕор – доҕоттор.
25. -рт сэргэстэһиитинэн бүтэр тыл олоҕор түһүк (падеж) сыһыарыыта эбиллэригэр т дорҕоон уларыйан маннык суруллар: түөрт – түөрдү –түөртэн – түөркэ, күөрт – күөрдү – күөртэн – күөркэ, кыырт – кыырды – кыыртан – кыырка.
26. Аһаҕас дорҕоонунан бүтэр аат олоҕор эбиллэр туттуу түһүк сыһыарыыта соҕотох н буукубалаах суруллар, холобур: саанан, сүөһүнэн, быанан, буукубанан (сааннан, сүөһүннэн, быаннан, буукубаннан буолбат).
27. Аһаҕас дорҕоонунан бүтэр аат олоҕор тэҥнии түһүк сыһыарыыта
-т буукубалаах суруллар, холобур: тыы – тыытааҕар, оҕо – оҕотооҕор, киһи – киһитээҕэр (тыылааҕар, оҕолооҕор, киһилээҕэр буолбат).
28. Тыл олоҕун тиһэх -п, -к, -х, -с дорҕоонноро аһаҕас дорҕоонунан саҕаланар сыһыарыы эбиллэригэр ханыылыы -б, -г, -ҕ, -һ дорҕооннорго кубулуйаллар, холобур: сап – сабы, балык – балыгы, талах – талаҕы, сулус – сулуһу.
29. Тыл олоҕун тиһэх бүтэй дорҕоонноро дьүөрэлэһэн уларыйыылара сурукка маннык бэлиэтэнэр:
а) бүтүү -н дорҕоон -ҥ, -м буолар, холобур: аан – ааҥҥа – ааммыт; түөн – түөҥҥэ – түөммүт;
б) бүтүү -т дорҕоон -к, -п буолар, холобур: ат – акка – аппыт; хатат – хатакка – хатаппыт, суорат – суоракка – суораппыт.
Туохтуур
30. Кэпсиир киэп кэлэр кэмин 2-с сирэйэ биир ахсааҥҥа ҥ дорҕоонноох суруллар, холобур: эн барыаҥ, барыаҕыҥ, эн аһыаҥ, аһыаҕыҥ.
31. Соруйар киэп 1-гы, 2-с сирэйдэрэ элбэх ахсааҥҥа ҥ дорҕоонноох суруллаллар, холобур: туруоҕуҥ, туруҥ, тураарыҥ, олоруоҕуҥ, олоруҥ, олорооруҥ, аһыаҕыҥ, аһааҥ, аһаарыҥ.
32. Соруйар киэп 3-с сирэйэ элбэх ахсааҥҥа нн дорҕоонноох суруллар, холобур: кэллиннэр, кэлиэхтиннэр, бардыннар, барыахтыннар (кэллинэр, кэлиэхтинэр, бардынар, барыахтынар буолбат).
33. Бараайаҕын-бараайыккын, барыыһыгын-барыыһыккын, барааччы-барааччык курдук туспатыйар туохтуурдар сыһыарыылара -аайа, -ыыйы, -ааччы көрүҥнээх суруллар, холобур: бараайаҕын, барыыһыгын, барааччы.
34. Туохтуур олоҕун тиһэх -р дорҕооно дьаһайар туһаайыы -т сыһыарыыта эбилиннэҕинэ түспэт, холобур: сүүр – сүүрт, олор – олорт, бааһыр – бааһырт (сүүт, олот, бааһыт буолбат).
35. Туохтуур олоҕун тиһэх -й, -л, -р дорҕоонноро холбуу туһаайыы сыһыарыыта -с эбиллэригэр уларыйбаттар: барсабын, кэлсэҕин, кылыйсар (бассабын, кэссэҕин, кылыссар буолбат).
36. Таҕыс, оҕус курдук туохтуур сирэйдэниитигэр бүтүү -с уларыйбат, холобур: охсобун, тахсабын, тахсар, охсор (оххобун, таххабын, оххор, таххар буолбат).
Даҕааһын аат, ахсаан аат уонна сыһыат
37. -ҥы (-ҥи) сыһыарыынан үөскүүр даҕааһын аат хоһуласпыт ҥҥ дорҕоонноох суруллар, холобур: бүгүн – бүгүҥҥү, кыһын – кыһыҥҥы, киэһэ – киэһээҥҥи, бэҕэһээ – бэҕэһээҥҥи.
38. Киэһэ, сарсыарда, бачча диэн ааттар диэри диэн дьөһүөлү кытта туттуллууларыгар уһатыылаах аһаҕас уонна хоһуласпыт ҥҥ дорҕоонноох суруллаллар, холобур: киэһээҥҥэ диэри, баччааҥҥа диэри, сарсыардааҥҥа диэри.
39. -ҥы (-кы, -гы) сыһыарыынан үөскээбит даҕааһын аат бүтүү кыараҕас дорҕооно таһаарыы түһүккэ уларыйбат, холобур: кыһыҥҥыттан, уруккуттан, күнүскүттэн (кыһыҥҥаттан, уруккаттан, күнүскэттэн буолбат).
40. Дьаһайар туһаайыыттан -чы сыһыарыынан үөскээбит сыһыат чч дорҕоонноох суруллар, холобур: сардырҕаччы, күрдүргэччи, былтаччы, кэлтэччи (сардырҕатчы, күрдүргэтчи, былтатчы, кэлтэтчи буолбат).
41. -р дорҕоонунан бүтэр туохтууртан -чы сыһыарыынан үөскээбит сыһыат -рч дорҕоонноох суруллар, холобур: кытарчы, хараарчы, саһарчы (кытаччы, харааччы, саһаччы буолбат).
42. Ааспыт кэмнээх аат туохтууртан -ча сыһыарыынан үөскээбит сыһыакка уонна сүүрбэ, отут ахсаан ааттан үөскээбит барыллааһын ахсаан аакка хоһуласпыт чч суруллар, холобур: барбычча, көрбүччэ, үөрбүччэ, сүүрбэччэ, отучча (барбытча, көрбүтчэ, үөрбүтчэ, сүүрбэтчэ, отутча буолбат).
IV. Нууччалыы тылы таба суруйуу
1. Тыл олоҕун таба суруйуу
43. Нуучча тылыттан ылан туттуллар тылы таба суруйууга маннык сүрүн ирдэбил тутуһуллар:
1. Олохсуйбута өр буолбут, киэҥник туттуллан сахалыы көрүҥнэммит остуол, куорат, дьыала, бирикээс, оскуола, сокуон, дьааһыла, ачыкы курдук, ону сэргэ саха тылын сокуонугар дэбигис сөп түбэһэр, үөрүйэх буолбут киэҥ туттуллуулаах автобус – оптуобус, журналист – суруналыыс, конкурс – куонкурус, рынок – ырыынак, студент – устудьуон, тема – тиэмэ курдук тыллар сахалыы көрүҥүнэн суруллаллар.
2. Наука, тиэхиньикэ, бэлиитикэ эйгэтигэр киэҥник туттуллар уонна саха тылын сокуонугар дэбигис бас бэриммэт гроссмейстер, неолит, полиграфия, фортепьяно курдук тыллар олохторо нууччалыы көрүҥүнэн суруллаллар.
Х о с б ы һ а а р ы ы.
Маннык тыллар кэлин киэҥник тарҕанан сахалыы туттуллар буоллахтарына, сахалыы суруллуохтарын сөп.
44. Сир-дойду уонна дьон аата нууччалыы да, сахалыы да суруллар, холобур: Япония – Дьоппуон, Алдан – Аллан, Сибирь – Сибиир, Америка – Эмиэрикэ; Иванов, Петров, Сидоров, Мария, Фёкла, Пётр, Тумусов; Уйбаныап, Бөтүрүөп, Сиидэрэп, Маарыйа, Сүөкүлэ, Бүөтүр, Тумууһап.
45. Даҕааһын аат толору пуорматынан этиллэр киирии географическай ааттар уонна эр дьон араспаанньалара, ону тэҥэ -ск бүтүүлээх куораттар ааттара сурукка -ай эбэтэр -эй бүтүүнэн бэриллэллэр, холобур: Новай Гвинея, Охотскай муора, Пекарскай, Горькай, Курскай, Минскэй, этиловай испиир, физическэй география.
Х о с б ы һ а а р ы ы. Нууччалыы суруллар бүтүү охсуулаах о дорҕооно уларыйбат, холобур: Чудской күөл, Чусовской, Донской.
2. Сыһыарыылаах тылы таба суруйуу
46. Сахаҕа ханыыта суох бүтүүлээх тыллар сэргэстэһэр дорҕооннорун ыккардыгар кыбытык аһаҕас дорҕоон этиллэр да буоллаҕына, тыл олоҕо сыһыарыы иннигэр уларыйбат, холобур: зубр – зубру, рефлекс – рефлекскэ, диаметр – диаметрга.
47. Тыл олоҕун бүтэһик ф дорҕооно аһаҕас дорҕоонунан саҕаланар сыһыарыы эбиллиитигэр б буолар: географ – геограбы, томограф –томограбы, оттон тыл олоҕун бүтэһик в дорҕооно сыһыарыы эбиллиитигэр уларыйбат, холобур: Сивцев – Сивцеви, Николаев – Николаевы.
48. -кт, -пт, -фт, -хт бүтүүлээх тыллар уларыйыыларыгар тиһэх дорҕоонноро түһэр, онтон хаалбыт к, п, ф, х дорҕооннор сыһыарыы аһаҕас дорҕоонун иннигэр ньиргиэрдээххэ кубулуйаллар, холобур: экстракт –экстрагы, адепт – адебы, ландшафт – ландшабы, Либкнехт – Либкнеҕи.
49. -рд, -рт бүтүүлээх тыллар сахалыы -рт бүтүүлээх тыл курдук уларыйаллар, холобур: аккорд – аккорду – аккорка, Альберт – Альберды – Альберка.
50. Тиһэх ж, з, ц, ш, щ дорҕооннор аһаҕас дорҕоонунан саҕаланар сыһыарыы эбиллиитигэр һ буолаллар, холобур: репортаж – репортаһы, противогаз – противогаһы, ранец – ранеһы, тушь – туһу, плащ – плаһы.
51. -йд, -лк, -мб, -мп, -нд, -рв, -нк, -ск дорҕооннорунан бүтэр тыллар уларыйыыларыгар олохторун уонна сыһыарыыларын ыккардыгар, 54-с быраабыла а), б) пууннарынан салайтаран, аһаҕас дорҕоон эбиллэр, холобур: тальк – тальканы, лимб – лимбэни, зонд – зонданы, резерв – резервэни, франк – франканы, киоск – киосканы.
52. Икки бүтэй дорҕоон хоһулаһыытынан эбэтэр -нт, -нг, -ст, -зд сэргэстэһиитинэн биитэр сымнатыылаах дорҕоонунан бүтэр тыллар уларыйыыларыгар бүтэһик дорҕоонноро эбэтэр сымнатыылара сүтэр, оттон хаалбыт дорҕоон сахалыы тылга курдук уларыйар, холобур: ватт – ваты – вакка, сержант – сержаны – сержаҥҥа, спортинг – спортины – спортиҥҥа, турист – туриска – туриһы, подъезд – подъеһы – подъезка (ол эрээри: фланг – флангалаах).
Х о с б ы һ а а р ы ы: -ль дорҕоонунан бүтэр аат тыл л-тан уонна аһаҕастартан ураты дорҕоонунан саҕаланар сыһыарыы эбиллиитигэр сымнатар бэлиэтин сүтэрбэт, холобур: педаль – педальга, туннель – туннельга; аһаҕас уонна л дорҕоонунан саҕаланар сыһыарыы эбиллиитигэр сымнатыыта сүтэр: педалы, педаллар, виолончель – виолончелы – виолончеллар.
53. Аат тыл тиһэх сүһүөҕүн аһаҕас дорҕооно сыһыарыы эбиллиитигэр уларыйбат, холобур: Ефимов – Ефимовтан, отделение – отделениены (Ефимавтан, отделенияны буолбат).
54. Саха тылын курдук бүтүүлээх нууччалыы тылга эбиллэр сыһыарыы сахалыы суруллар, холобур: микрофон – микрофоҥҥа, физик – физиккэ, лауреат – лауреакка.
55. Нууччалыы суруллар тылга сыстар сыһыарыы аһаҕас дорҕооно сурукка бу курдук бэриллэр:
а) тыл олоҕор биир эмэ кэлин аһаҕас дорҕоон (а, о, у, ы) эбэтэр я, ю баар буоллаҕына, сыһыарыыга ы эбэтэр а суруллар, холобур: универмаг – универмагы – универмагтан, биология – биологияны, юрист – юриһы – юристан;
б) тыл олоҕор аҥаардас илин аһаҕас дорҕооннор (и, е, э) эбэтэр -тель диэн бүтэһик сүһүөх баар буоллахтарына, сыһыарыыга и, э суруллар, холобур: резидент – резидени – резидеҥҥэ, кейс – кейскэ – кейсинэн, преподаватель – преподавательгэ – преподавателинэн;
в) тыл олоҕун тиһэх сүһүөҕэр у, ю, ё эбэтэр охсуулаах о баар буоллахтарына, сыһыарыыга у, а суруллар, холобур: Бекренёв – Бекренёву – Бекренёвка, парашют – парашюту, Серов – Серову, мазут – мазуту (Бекреневи – Бекреневкэ, парашюты, Серовы, мазуты буолбат).
V. Улахан буукуба суруллуута
1. Этии
56. Этии бастакы тыла улахан буукубаттан суруллар.
Х о с б ы һ а а р ы ы.
1. Этии бүтэ илигинэ турбут элбэх туочука кэнниттэн салгыы кэлэр тыл кыра буукубаттан суруллар, холобур: Эн миэхэ… уларсыаҥ этэ дуо?
2. Сирэй саҥа бүтүүтүгэр турар ыйытыы, күүһүрдүү бэлиэлэрин уонна элбэх туочука кэнниттэн кэлэр ааптар тыла кыра буукубаттан суруллар, холобур:
– Дьэ, оччоҕо манна туох хаалар? – диэн кыыс эмиэ ыйытта.
– Дьиэм бу баар. Баһыыбаларыҥ! – диэн, киһи түннүгүнэн хаһыытаан хаалла.
– Ийэлэр диэн эйэҕэс сүрэхтээх дьон буолаахтыыллар… – диэтэ Петя уоһун кытта.
3. Туһулуу эбэтэр саҥа аллайыы бүтүүтүгэр турар күүһүрдүү бэлиэтин кэнниттэн кэлэр тыл улахан буукубаттан суруллар, холобур: Сахам сирэ! Үөр-көт, киэн тутун. Ычча! Кыһыммыт төннөн кэллэ.
4. Икки туочука кэнниттэн кэлэр сирэй саҥа, сытаата эбэтэр саҥа олуктан саҕаланар тиэкис кэрчигэ улахан буукубаттан суруллар, холобур: Ким эрэ биһигиттэн: «Истэбит», – диэтэ.
Мунньах уурар:
1. Муус устары ырааһырдыы ыйынан биллэрэргэ.
2. Үлэни тэрийэргэ биэс киһилээх хамыыһыйаны таларга.
5. Этии салгыытын курдук суруллар сытаата кыра буукубаттан саҕаланар, холобур: «Кыым» хаһыакка «былыттар, көстөн иһэн тунаарар тумарыкка симэлийдилэр» диэн суруллубут.
6. Киэҥник туттуллан, үгэскэ кубулуйан, үөрүйэх буолан эрэр, ытыктаан, сүгүрүйэн этэргэ туттуллан «эн» диэн сирэй солбуйар ааты улахан буукубаттан суруйуохха сөп.
Холобур: – Буркун оҕонньор, Эн төрөөбүт айылҕаҥ амарах тыынын уонна муудараһын эккэр-хааҥҥар, сүрэххэр-дууһаҕар иҥэриммит сэдэх дьоннортон биирдэстэрэ этиҥ. Өр сылга Эйиэхэ эппэккэ сылдьыбыппын дьэ этээри гынабын.
2. Анал аат
57. Анал аат улахан буукубаттан суруллар:
1) киһи аата, суруйар аата (псевдонима), хос аата, дьиэ сүөһүтүн, кыылын уо.д.а. анал аата, холобур: Баһылай, Ньургуйаана, Күндэ, Хачыгыр, Өрүөстээх, Моойторук;
2) сир-дойду эйгэтин (куорат, сэлиэнньэ, өрүс, күөл, муора уо.д.а.), халлаан куйаарын эттигин, тэрилтэ, айымньы уо.д.а. анал ааттара, холобур: Москва, Амма, Бүлүү өрүс, Байкал күөл, Охотскай муора, Марс планета, Холбос, «Төлкө» арамаан.
Х о с б ы һ а а р ы ы.
Анал аат суолтатын чопчулуурга эрэ эбиллэр тыл (арыы, тумул, муора, хомо, өрүс, күөл, сыһыы, куорат, планета уо.д.а.) кыра буукубаттан суруллар: Дьокуускай куорат, Алдан өрүс, Ньидьили күөл, Хатыыстаах арыы, Венера планета.
58. Хас да тыллаах анал аат бастакы уонна сүрүн суолталаах тыла улахан буукубаттан суруллар, холобур: Арассыыйа Атын дойдутааҕы дьыалаларын министиэристибэтэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Наукатын академията;
1) тэрилтэ толору ыйаахтаах аатыгар: Саха сиринээҕи кинигэ кыһата, П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай драматическай тыйаатыра;
2) баартыйа, уопсастыбаннай тэрилтэ толору аатыгар: «Ийэ тыл» түмсүү, «Саха кэскилэ» хамсааһын, «Билии» уопсастыба;
3) соҕотохтуу туттуллар кыахтаах, быһаарар суолталаах уулусса, болуоссат, муора, акыйаан курдук тылларынан үөскүүр икки тыллаах анал аакка, холобур: Кыһыл болуоссат, Горькай аатынан уулусса, Хара муора, Чуумпу акыйаан;
4) бырааһынньык, дьоһуннаах даата аатыгар: Саҥа дьыл, Төрөөбүт тыл күнэ, Дыгын оонньуута, «Азия оҕолоро» оонньуу, Аан дойду дьахталларын күнэ, Аҕа дойду Улуу сэриитэ, Гражданскай сэрии;
5) норуоттар икки ардыларынааҕы уонна тас дойдуларга баар уопсастыба, судаарыстыба, идэлээхтэр уо.д.а. тэрилтэлэрин аатыгар: Идэлээх сойуустар бүтүн Аан дойдутааҕы федерациялара;
6) хабыычыкаҕа ылыллар наҕараада, уус-уран айымньы, хаһыат, сурунаал, тэрилтэ уо.д.а. аатыгар, холобур: «Далбар хотун» (сурунаал), «Эдэр саас» (хаһыат), «Өрүстэр кирбиилэрэ» (арамаан), «Сырдык сулус» (тэрилтэ), «Үлэҕэ килбиэнин иһин» (мэтээл).
59. Хас да тыллаах аат бары тыла улахан буукубаттан суруллар:
1) дьон толору аата, суруйар аата, хос аата, дьиэ сүөһүтүн уо.д.а. анал аата: Омоҕой Баай, Максим Петрович Иванов, Амма Аччыгыйа, Туора Муос;
2) сиргэ-дойдуга уонна халлаан куйаарыгар баар эйгэ, эттик (куорат, сэлиэнньэ, өрүс, күөл, муора, халлаан эттигэ) анал аата, холобур: Орто Халыма, Ытык Күөл, Кыыллаах Арыы, Наахара, Улуу Сыһыы, Хотугу Муустаах Байҕал, Сылгы Ыытар, Саҥа Сир, Араҥас Сулус;
3) судаарыстыба толору аата: Америка Холбоһуктаах Штаттара, Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ;
4) норуоттар икки ардыларынааҕы суолталаах тэрилтэ аата: Холбоһуктаах Наассыйалар Тэрилтэлэрэ, Эйэ Бүтүн Аан дойдутааҕы Сэбиэтэ;
5) судаарыстыба үрдүкү тэрилтэтин аата, холобур: Ил Түмэн, Арассыыйа Үрдүкү суута;
6) уордьан аатыгар «уордьан» уонна «истиэпэн» диэнтэн ураты тыллар: Аҕа дойду сэриитин I истиэпэннээх уордьана, «Бочуот Знага» уордьан, Кыһыл Сулус уордьан, Сибэтиэй Александр Невскэй уордьана;
Х о с б ы һ а а р ы ы.
Ааттар састааптарыгар киирсэр икки эбэтэр хас да тыллартан турар арахсыбат лексическэй холбоһуктарга бастакы тыла эрэ улахан буукубаттан суруллар, холобур: Аҕа дойду сэриитэ, Куттал суох буолуутун сэбиэтэ;
7) бочуоттаах аат уонна үрдүкү дуоһунас аата: Үлэ Дьоруойа, Өрөспүүбүлүкэ Палаататын Бэрэссэдээтэлэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана.
Х о с б ы һ а а р ы ы.
Мантан атын, анаан бэлиэтээбэккэ, көннөрү этэр түбэлтэҕэ соло, чыын-хаан уонна дуоһунас аат кыра буукубаттан суруллар, холобур: миниистир, бэрэсидьиэн, дьоруой;
8) бастакы буукубанан суруллар кылгатыы сахалыы улахан буукубаттан суруллар, холобур: АФ (Арассыыйа Федерацията), ХНТ (Холбоһуктаах Наассыйалар Тэрилтэлэрэ), КНӨ (Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтэ).
60. Сир-дойду икки тыллаах сахалыы анал ааттара дэпииһэ суох иккиэн улахан буукубаттан суруллаллар, холобур: Орто Халыма, Үөһээ Бүлүү, Улахан Чыыстай, Ытык Күөл, Арыы Тиит, Улуу Сыһыы, Хатыҥ Тумул, Мэҥэ Хаҥалас, Амма Наахара, Тулагы Киллэм, Түбэй Дьаархан, Уус Алдан, Эбээн Бытантай, Сылгы Ыытар, Оҕус Арыылааҕа, Тойон Уйалаах.
VI. Дэпиис туттуллуута
61. Дэпиис туттуллар:
1) күүһүрдэр эбиискэлээх даҕааһын ааттарга, холобур: кып-кыһыл, кубус-кураанах, нүрү-нүксүгүр, ылы-чып;
2) ханыы (паараласпыт) тылга, холобур: от-мас, үтүө-мөкү, биэс-алта, ол-бу, кэлии-барыы, саҥар-иҥэр, сүүрэн-көтөн; түҥ-таҥ, лис-лас, марай-сарай;
3) саҥа суолталаах тылы үөскэтэр хоһуласпыт тылга, холобур: күлэ-күлэ, ыксаан-ыксаан, бэйэ-бэйэтиттэн, киһи-киһиттэн, үрүт-үрдүгэр, орун-оннугар, саас-сааһынан, тус-туспа, кэллэ-кэлээт;
4) нуучча тылыттан киирэр ханыылыы хабааннаах ситимнэргэ:
а) научнай-чинчийэр, маассабай-бэлитиичэскэй;
б) алма-атинскай, силлабо-тоническай, социал-демократическай;
в) генерал-майор, Римскэй-Корсаков, Сен-Симон, Нью-Йорк, вице-бэрэсидьиэн, экс-чемпион.
Х о с б ы һ а а р ы ы.
1) биир олохтоох тыллар ситимнэһиилэригэр дэпиис турбат, холобур: от оттоон, киһи киһиттэн орпот, бэрдинэн бэрт, бардар баран, муос муоска, элбэхтэн элбэх, үлэлээбит үлэҥ, баран баран (кэллэ), бэйэтэ бэйэтиттэн (тэбиэһирэр);
2) сыстар тылын кэннигэр турар эбиискэ дэпииһэ суох суруллар, холобур: сүгэ той, чахчы бааччы, быа иттэ, таҥас эҥин.
VII. Тылы көһөрүү
62. Тыл атын устуруокаҕа сүһүөҕүнэн көһөрүллэр. Сүһүөх бүтэй дорҕооно кини кэнниттэн кэлэр аһаҕас дорҕоонтон арахсыбат, холобур: ба-рар, та-йах, ыар-ҕа, саас-кы, хо-йуу, то-то-рор.
Х о с б ы һ а а р ы ы.
Аһаҕас дорҕоонтон, дьуптуонтан турар соҕотох сүһүөх устуруока бүтүүтүгэр хаалбат. Холобур, бу курдук көһөрөр сатаммат: ы-тар, аа-һыы, үө-рэх, уо-латтар.
63. Тыл сүһүөҕэ буолбат бүтэй дорҕоон, уһун аһаҕас дорҕоон, дьуптуон тылы көһөрүүгэ араарыллыбаттар. Холобур, бу курдук көһөрөр сатаммат: к-ыһыл, кыһы-л, үүттэ-эх, ы-ал, уҥу-ох.
64. Арааран көһөрүллүбэттэр:
1) уо.д.а., о.д.а., а.э. диэн курдук кылгатыы;
2) ХНТ, АХШ, ТУ-154 диэн курдук бастакы буукубаларынан кылгатан суруллар тыллар;
3) киһи араспаанньатыттан аатын, аҕатын аатын бастакы буукубатынан кылгатан суруллуута. Холобур: Б.Б. Уйбаныап (Б.Б.-Уйбаныап буолбат).
65. Атын устуруокаҕа көһөрүллүбэт:
1) туочука эбэтэр туочука кэнниттэн кэлэр быһа тардыллыбыт сирэй саҥа иккис чааһын иннигэр турар тириэттэн ураты бары сурук бэлиэтэ;
2) сыыппараҕа эбиллэр сыһыарыы: (7-с, 10-с диэн арахсыбат);
3) кылгатыыны инники турар тылыттан арааран (1961-с., Москва-к. диэн араарар сыыһа);
4) кээмэйи кылгатан бэлиэтиир буукубаны сыыппараттан 10-м, 3-мм2, 6-кг диэн араарар сыыһа.
__________________
1
ПРИЛОЖЕНИЕ № 2
УТВЕРЖДЕНЫ
постановлением Правительства
Республики Саха (Якутия)
от 22 декабря 2015 г. № 501
Сахалыы сурук бэлиэтин быраабылалара
Судургу этиигэ сурук бэлиэтэ
1. Этии тииптэригэр сурук бэлиэтэ
1. Сэһэн этии кэнниттэн туочука турар.
Быйыл сүрдээх өҥ дьыл буолла. Бар дьоҥҥо от-бурдук дэлэйдэ. Айыы сирэ аһаҕас, күн сирэ көҥдөй.
Х о с б ы һ а а р ы ы.
Саҥа сааһыланыытын көрдөрөр, кэриччи ааҕыллар сэһэн этиилэр кэннилэриттэн туочукалаах соппутуой турар.
Билиҥҥи саха литературатын иннигэр маннык сүрүн соруктар тураллар:
1) суруйааччылар өрөспүүбүлүкэ бырамыысыланнаһын уонна тыатын хаһаайыстыбатын боппуруостарыгар дириҥник өтөн киириэхтээхтэр;
2) гражданскай лиирикэ күүскэ сайдара наадалаах.
2. Ыйытыы этии кэнниттэн ыйытыы бэлиэтэ турар.
Эн Коля Манасовы ханна көрбүккүнүй? Бу ас астыыр түбүккэ түстүм буолбат дуо уонна хаһан? Онон, Дьулус, дойдуҥ диэки төннөр буоллаҕыҥ?
Х о с б ы һ а а р ы ы.
1. Ыйытыы тыл бөлөҕүнэн эбэтэр биирдии тылынан арааран бэриллэр буоллаҕына, ол аайы ыйытыы бэлиэтэ туран иһэр.
Ханна үөрэммиккиний? Антах дуу? Тоҕо? Билиэххэ син дуо? Хайа, тугу бултаатыгыт? Кус дуу? Хаһый?
2. Күүһүрдүүлээх ыйытыы этии кэнниттэн ыйытыы уонна күүһүрдүү бэлиэлэрэ тураллар.
Тыый, бу уол дуо?! Аны, киһини көрө-көрө, күлэр буолбуккун дуу?!
Анал ыйытар бэлиэлээх эрээри дьиҥ ыйыппат этии кэнниттэн ыйытыы бэлиэтэ син биир турар.
Ким үрүҥ күммүт өлбөөрдүн диэй?! Ким кэрэ кэскилбит кэҕиннин диэй?! Күөх хонууга, бу бэйэлээх сайын кэлэн турдаҕына, Ким үөрбэт-көппөт буолуой?
3. Күүстээх иэйии этиллэр буоллаҕына, этии кэнниттэн күүһүрдүү бэлиэтэ турар.
Оо, куустарбын даа бу күөх куйаары! Күн сырдыга кэрэтин эриэхсит! Оо, хайдах кэрэ, дьикти буолуой төрөөбүт дойдуга төннөр!
4. Соруйууну, көрдөһүүнү, баҕарыыны биллэрэр этии кэнниттэн, ис хоһоонунан уонна саҥарыыга күүһүрдүүлээх буоллаҕына, күүһүрдүү бэлиэтэ турар.
Ох курдук оҥоһун, бэйэ бодоҕун тардын, киэҥ киэлигин киллэр! Ыл, нохоо, уотта аҕал! Төрөтөр оҕону төлкөлөөҥ, иитэр сүөһүнү күрүөлээҥ, аал уоту оттуҥ, алтан сэргэни анньыҥ!
Х о с б ы һ а а р ы ы.
1. Оттон маннык этии, холкутук саҥарыллар ис хоһоонноох буоллаҕына, туочукаланар.
Дьэ, Балагыай, бүгүн сурдьугун кытта оскуолаҕа барыс. Дьэбдьиэ, табахтааххын дуо, тардыах эрэ.
2. Уус-уран литератураҕа, публицистикаҕа ураты күүстээхтик этэргэ күүһүрдүү бэлиэтэ хоһулаһыан сөп.
Биһиги ийэ тылбыт – дууһаны долгутар, өйү үлүһүтэр күүстээх-кыахтаах, имэҥнээх-илбистээх, кэрэ-дьикти тыл!!! Уһугун, өйдөн, икки атахтаах! Уһугун, өйдөн, хара кырыыстаах!!! Ох курдук оҥостон олоробун, биир да тылы утары этитиэм суоҕа, мас курдук булгуччу кыыраргын-кыырбаккын биллэр!!!
5. Этэн иһэн иҥнэн, кэхтэн, тохтоон хаалыыны эбэтэр санаа ситэ этиллибэтэҕин көрдөрөргө элбэх туочука турар.
Кэллибит ээ, Маайыас… Кэллибит дии… Аны күн аайы көрсүһэр буолуохпут. Онон биһиги бэйэбит… бибилэтиэкэҕэ… мустуох буолбуппут. Дьэ, эмээхсиэн, үчүгэйинэн кэлбэтим, куһаҕан сураҕы аҕаллым… Оҕоҥ… дьаҥҥа… барбыт үһү.
Х о с б ы һ а а р ы ы.
1. Этии кэннигэр ыйытыы, күүһүрдүү бэлиэлэрэ баар буоллахтарына, элбэх туочука ол кэнниттэн турар.
Тоҕо түргэнэй!.. Мөлтөх сонун. Итинтигин этэҕин дуо үчүгэй сонун диэн?..
2. Туора киһи этиитин, суруйуутун сытааталыырга, ол толору бэриллибэт буоллаҕына, быһыллар сиригэр элбэх туочука турар.
“Хаһан да дуоһуйары, мөлтүүрү-ахсыыры билимэҥ, куруутун инники талаһыҥ!..” (Софрон Данилов).
Х о с б ы һ а а р ы ы.
Дьыала кумааҕытыгар пууннар иннилэринээҕи сүрүннүүр этии кэнниттэн икки туочука турар, холобур:
Мунньах уурар:
1) үөрэх кыһыҥҥы сиэссийэтин тэрээһиннээхтик ыытарга;
2) бары сочуоту, эксээмэни кэмигэр, үчүгэйдик туттаран, үөрэх билиитин үрдэтэргэ.
2. Этии биир уустаах чилиэннэригэр сурук бэлиэтэ
6. Этиигэ ситим тыла суох холбоммут биир уустаах чилиэннэр соппутуойунан арахсаллар.
Эн манна улаатыаҥ, үлэлиэҥ. Кини ааттаах остуоруйаһыт, таабырынньыт, чабырҕахсыт. Оттуун-мастыын, дьиэлиин-уоттуун соҕотохто сырдаата. Чэгиэни ыалдьа сытан, эдэри кырдьан баран, доҕору хомото сылдьан өйдүүбүт. Куула тыа иһигэр кыһыл, күөх, маҥан, хара таҥастаах дьон бөҕө мустубуттар. Саһыл истээх сукуна сонноох, хара саһыл тыһа бэргэһэлээх, хара таба тыһа күрүмэлээх, маҥан саартаах киһи киирэн, үтүлүктээх бэргэһэтин остуолга уурда.
Х о с б ы һ а а р ы ы.
1. Хас да тэнийбэтэх даҕааһын аатынан бэриллэр, барымтаны (предмет) араас өттүнэн сырдатар быһаарыылар биир уустаах буолбаттар, онон соппутуойунан арахсыбаттар.
Төгүрүк хара хараҕа умайа турар уокка кылабачыйар. Моонньун ортотунан эргиччи синньигэс үрүҥ сурааһыннаах... Хаҥас диэки үс атахтаах кыра төгүрүк остуол турара. Томтор үрдүгэр хоруобуйалаах улахан эргэ дьиэ күлүгүрэн көһүннэ.
2. Сырдатар тыллаах тэнийбит быһаарыылар бэйэ-бэйэлэриттэн соппутуойунан арахсаллар (биир ууһа суох да буоллахтарына).
Суол устун хараҥатыҥы халлаан күөҕэ өҥнөөх синиэллээх, сырдаан көстөр кугастыҥы өрө күүрбүт баттахтаах, кубаҕай маҥан сирэйдээх, уһун синньигэс киһи иһэр.
3. Быһаарыы, инники турар атын быһаарыыны чуолкайдыыр, ситэрэр буоллаҕына, киниттэн соппутуойунан арахсар.
Сыры-сымнаҕас суон эрээри, холку, үлэһит дьахтары көрбөхтөөтө. Оҕоҕор атын, ойуулаах кинигэтэ аҕалаар. Үөрэхтээх, үтүө киһи эрээри, хардары хатыллан ыйытаҕын дуу?
7. Биирдэ туттуллубут ситим тыллаах биир уустаах чилиэннэр соппутуойунан араарыллыбаттар.
Дьадаҥылар уонна хамначчыттар сойуустарыгар киирэргэ Охоноос, Эрдэлиир, Кыра Уйбаан уонна Найыын эрэ улгумнук сөбүлэннилэр. Иккиэн киһибитин илиибитигэр ылабыт да дьоммут тохтообут сирин диэки сүүрэбит. Кырбас эти эбэтэр быыкаайык тоҥ үүтү дөрүн-дөрүн ыытар.
Х о с б ы һ а а р ы ы.
1. Уонна ситим тыл, этии биир уустаах чилиэннэрин иккилии холбоон, хат-хат туттуллар буоллаҕына, ханыытын (пааратын) аайы соппутуой турар.
Мохсоҕоллор уонна хотойдор, бөрөлөр уонна эһэлэр ырыаһыты этинэн аһаппыттар, оттон табалар уонна тайахтар үүтүнэн эмсэхтээбиттэр. Куораттар уонна дэриэбинэлэр, собуоттар уонна баабырыкалар, холкуостар уонна сопхуостар эйэлээх олох үлэтин эбии күүһүрдэн иһэллэр.
2. Хата диэн тылынан утарсар суолтаҕа ситимнэһэр биир уустаах чилиэннэр соппутуойунан арахсаллар.
Хат киирбэтэ, хата баран чуолҕаҥҥа эрэсиэбин биэрдэ. Уйбаан аҕата улахан күүһэ суох, хата эдэригэр быһый этэ.
8. Этии биир уустаах чилиэннэрэ, ситимниир тыл хатыланар буоллаҕына, бэйэ-бэйэлэриттэн соппутуойунан арахсаллар.
Лиза олус абарда даҕаны, хомойдо даҕаны. Уол ытыырыттан оҕонньор кыбыстар да, аһынар да быһыылаах… Эбэтэр үлэлиэҕиҥ, эбэтэр түргэнник тарҕаһыаҕыҥ.
Х о с б ы һ а а р ы ы.
Ситимниир суолтаҕа туттуллубут икки диэн тылынан холбонор этии чилиэннэрэ соппутуойунан арахсыбаттар.
Чымаат уола икки Самайыыл икки сырсан бөтөрүһэн кэллилэр. Олорор икки турар икки ардынан бакыйан баран, салҕаластыы турда.
9. Лаппа тэнийбит эбэтэр бэйэлэрин истэригэр соппутуойдаах биир уустаах чилиэннэр икки ардыларыгар туочукалаах соппутуой турар.
Таастары дьиэни төгүрүччү уурталыыбыт; тааһынан иһиттэнэбит, тааһынан чааскыланабыт, кумаҕы чэй оҥостобут. Ол ортотугар элэк гыммыкка дылы, флаконнаах омук духуута; Георгий аанньал муус маҥан ат үрдүттэн сытыы үөрбэнэн эриэн кыылы супту анньан эрэр хартыыната; олус мааны хотун тэллэх ытын кууһан олорор хаартыската; хас да хаа американскай сигара…
10. Биир уустаах чилиэннэргэ түмүктүүр тыл бастыыр буоллаҕына, кини кэнниттэн икки туочука турар.
Иван Иванович эҥин араас оонньуурдары аҕалбыт: эрэһиинэ мээчиктэр, нагааннар, грузовиктар, буускалар, аттар. Арааһынан барытынан эмтэннэ: баҕа да миинин истэ, эһэ да үөһүн, ыт да сыатын боруобалаата.
Х о с б ы һ а а р ы ы.
Түмүктүүр тыл суох да буоллаҕына, кэриччи ааҕыыны көрдөрөр тыллар кэннилэриттэн икки туочука турар.
Мунньахха бааллар: оскуола дириэктэрэ Иванов, үөрэх чааһын сэбиэдиссэйэ Аргунов уонна аҕыс учуутал. Былыргыттан баар: баһымньы, төһүү, сүгэ.
11. Биир уустаах чилиэннэр кэннилэриттэн кэлэр түмүктүүр тыл иннигэр тириэ турар.
Билигин Амма үрэхтэри, бу ходуһалары, ол хайалары, ол тыалары – барытын миэнэ дии саныыбын. Үөрэтэр оҕолорум, кыараҕас хоһум иһэ, иттэр оһоҕум, таһырдьа хаар, халлааҥҥа күн – бука барыта ордук сырдаата, сэргэхсийдэ, киэркэйдэ…
12. Түмүктүүр тыл инники эрээри, этии сороҕо биир уустаах чилиэннэр кэннилэригэр салҕанар буоллаҕына, биир уустаах чилиэннэр иннилэригэр икки туочука, кэннилэриттэн тириэ турар.
Көрсүһүү, хардарыта куустуһуу кэнниттэн бары үһүөн Аппатыыт эмээхсин кэһиитин: сүөгэйи, дьэдьэни, моонньоҕону, отону – массыынаҕа таһаардылар. Бүлүү тутааччылара кураанах сир тыйыс айылҕатын бары ыарын: чысхааннаах кыһыны, сыралҕан сайыны – барытын хорсуннук тулуйдулар.
3. Киллэһик кэрчиктэргэ сурук бэлиэтэ
13. Этиигэ туһулуу соппутуойунан араарыллар. Маныаха туһулуу хас да тыллаах буоллаҕына, бүтүннүү бөлөҕүнэн арахсар.
Микиитэ, ити бурсуйдары эн тоҕо саататаҕыный? Ол куһаҕана суох буолуо этэ, Кирилл Петрович. Үтүө доҕотторум, ыалларым, нэһилиэгим кыралара, бар дьонум, мин эһиэхэ оҥорор сиэртибэбин үчүгэйдик сыаналаан мустубуккут иһин махтанабын.
Х о с б ы һ а а р ы ы.
Этии иннигэр, кэннигэр турар туһулуу, күүскэ этиллэр буоллаҕына, күүһүрдүү бэлиэлэнэр. Ол кэнниттэн кэлэр тыл улахан буукубаттан саҕаланар.
Табаарыс Балтарыков! Дэриэбинэни тула сөптөөх сирдэргэ харабыл туруорулунна! Манчаары Баһылай кэлиэҕэ, сэгэрдээр!
14. Саҥа аллайыы күүһүрдүүтэ суох этиллэр буоллаҕына, этииттэн соппутуойунан арахсар.
Ии, тоҕойум оҕото, сутуругун оҕотун болчоччу туттубут буола-буола. Чэ, этэҥҥэ сырыт, учууталыҥ тылын иһит… Киһи буолар диэн, оо, үчүгэй да эбит… Эн уот харахха эттиҥ, сөрү-сөп.
15. Саҥа аллайыы күүскэ уонна араарыллан этиллэр буоллаҕына, күүһүрдүү бэлиэлэнэр, ол кэнниттэн кэлэр тыл улахан буукубаттан суруллар.
Аарт-татай! Бу хайа халлаан хараҥаччыта, туох дойду туллуга кэлэн тырымнаан олороруй? Ыччыы-ычча! Бу аал уоттара букатын умуллубут дуу? Көр эрэ! Оҕокком көлөһүннээх киһи буолан арааһы аһаан эрдэхпин!
16. Этии иннигэр турар сөп, суох диэн тыллар, күүскэ этиллэр буоллахтарына, күүһүрдүү бэлиэлэнэллэр, ол кэнниттэн турар тыл улахан буукубаттан суруллар. Оттон анаан күүһүрдүллүбэт буоллахтарына, соппутуойунан арахсаллар.
Сөп! Мин аны сайын көмүһү хомуйуом. Сөп, чэ, быйыл сынньаныҥ даҕаны. Суох, кими даҕаны ыҥырбаппын… Суох, суох! Ол-бу буолума!
Х о с б ы һ а а р ы ы.
Суох, сөп, ээх диэн тыллар иннилэригэр турар эбиискэ уонна саҥа аллайыы ханнык да бэлиэнэн арахсыбаттар.
Эчи суох, туох да биллибэт. Чэ сөп, дьиэҕэр киир… Миигин көрбүккүн айдаараайаҕын! Ээ ээх, оннук этэ дуу.
17. Кыбытык тыл уонна кыбытык ситим этиигэ соппутуойунан араарыллар.
Дьону-сэргэни көрө таарыйа, кырдьык, онно бара сырыт. Баҕар, бэйэм эмтэнэрим кэлиэҕэ. Ол аата, эн эһэҥ ньиэп диэн сир баайын булбут. Холобура диэн эттэххэ, Баһылай Киппээнэп баар.
18. Кыбытык этии, дьиҥ киллэһик быһыытынан тутулунан сүрүн этии киэниттэн адьас ураты буоллаҕына, ускуопкаҕа ылыллар.
Аанчыгым бокуонньук уу долгунун курдук хааман (күөх ырбаахылаах этэ), чуулааҥҥа киирэн хаалла. Ол Көтүппэт эрэйдээҕи (уруккута бэрт булчут ыт этэ) оҕолор, дьиибэлэнэн, ампаар үрдүгэр таһааран кэбиспиттэр. Дьиэбэр тиийэн (мин оччотооҕуга улахан убайбар олорор этим), сарсын түүн төрөөбүт өрүспүн таҥнары устуохтаахпын былааннанан бардым.
Х о с б ы һ а а р ы ы.
Кыбытык этии, сүрүн этии сороҕун курдук киирэр буоллаҕына, соппутуойунан арахсар.
Сүүрбэ биирбэр барыыбар, оччоҕо ыраас харахтаах-көстөөх этим, дьонум дьэ ойох ыл диэн хаайаллар. Кини этэринэн, биһиги, тугу да гыммакка, быар куустан олорор үһүбүт.
19. Этии иһигэр ааптар кыбытан тугу эмэ хос быһаарар тыла эбэтэр кэрчигэ ускуопкаҕа ылыллар.
Буор ыһан, дьиппинитэ таптайан, грузовикка (таһаҕас тиэйэр массыына) анаан оҥорбут киэҥ суоллара кэлэллэр. Сир аннынааҕы баай барыта (ньиэп, таас чох, урууда уо.д.а.), ойуурдар, уулар, норуот бас билиитигэр киирэллэр.
Х о с б ы һ а а р ы ы.
1. Сытаата кимтэн-хантан ылыллыбытыгар сигэнии ускуопкаҕа бэриллэр.
Саха омук тыла үрүйэ уутун курдук сэргэх, сир симэҕин курдук сиэдэрэй. (Амма Аччыгыйа).
2. Туруохтаах туочука уонна соппутуой ускуопка кэннигэр бараллар.
“Хоноһолор бааллар дуу, тугуй?” – дэстилэр (бука, ону биир киһи эппитэ буолуо да, мин өйбөр бары эппиттэрин курдук хаалбыт). Хата дьолбор (оо, барахсан киһи! Үтүө да суобастаах, үчүгэй да киһи этэ), көһүтүүлээх суругум сотору кэлбитэ.
4. Араарыллыбыт кэрчиктэргэ сурук бэлиэтэ
20. Соҕотох эбэтэр хас даҕаны тыллаах даҕаамыр икки өттүттэн соппутуойунан араарыллар.
Балыксыт оҕонньор балаҕаныгар, уйатыгар, тымтайын сүкпүтүнэн киирэн кэллэ. Биирдэ тойоммунуун, бу Киргиэлэй аҕатыныын, үрэххэ оҕолоох эһэҕэ түбэспиппит. Биһиги, балыыһа балаататыгар сытааччылар, бу киэһэ кылаабынай бырааспытын хайҕаан сэһэргэстибит.
Х о с б ы һ а а р ы ы.
Үгүс тылынан тэнийбит эбэтэр иһигэр сурук бэлиэлээх даҕаамыр икки өттүттэн тириэнэн арахсар.
Оттон эһигини – урукку олох сидьиҥ тылын, умнуллубут үөхсүүтүн көбүппүт дьону – көрбөппүт дуо? Бу туохпутуй, эһиэхэ – халыҥ чаҕардаах, үгүс аймахтаах дьоннорго – уруу буолла дуу, тугуй? Эбэм – аҕам ийэтэ, Боккуойа эмээхсин – улахан кыыһын аахха, сылгыһыт Мэхээчэлээххэ, олорор.
21. Сыһыат туохтуур бөлөҕүнэн бэриллэн тэнийбит, кэпсиирэттэн тэйбит, арааран этиллэр сиһилии соппутуойунан арахсар.
Хондууктар дьахтар, икки эр киһини киллэрээт, ааны саба оҕуста. Бу күрэстэһиигэ, хайалара иннин биэрэрин көрөөрү, мин аттыларынааҕы ыскаамыйаҕа олоруннум. Чубуку Дьэкиим уонна Сааска, луугу хар-кур ыстыы-ыстыы, эмпэни таҥнары сырсан түспүттэрэ.
Х о с б ы һ а а р ы ы.
1. Буолан баран, эрээри ситимниир тылларынан түмүктэнэр, төннүктүүр (утарар болдьохтоох) бөлөхтөр соппутуойунан арахсаллар.
Бүөтүр түөрт уончатыттан эрэ тахсыбыт эрээри, биллэ аҕамсыйбыт, көҕөччөр гына туртайбыт баттахтаах… Кыыс, атын сиргэ барыаҕын баҕарар буолан баран, кими да билбэт.
2. Соҕотох сыһыат туохтуурунан бэриллибит сиһилии, кэпсиирэттэн тэйбит уонна анаан араарыллан этиллэр буоллаҕына, соппутуойунан арахсар.
О, чоллурҕатан, астыга суох буолсу, оҕолоор… Сотору соҕуһунан, иһиллэспэккэ, иккиэн тэҥҥэ саҥарар буоллулар. Кыһыйан, сиргэ силлэтэлиир буолла.
3. Чопчулуур чилиэн – миэстэ, кэм сиһилиитин чуолкайдыыр кэрчик – икки өттүттэн соппутуойунан арахсар.
Кыараҕас алаас үрдүгэр, тыа быыһыгар, быыкаайык тулаайах балаҕантан сэдэх соҕустук кыым тахса турар этэ. Балаҕан иннигэр, сылбах оҕуруот иһигэр, үс-түөрт сыарҕа от бугулланан турар. Киэһэ, боруҥуй буолуутун саҕана, саҥа ыстаансыйа дэриэбинэҕэ уоту биэрэр. Биирдэ, күнүс, Моойторук айаҕа табыллан киирдэ.
22. Сырдатар тыллаах -бытынан сыһыат туохтуурунан бэриллибит буолуу сиһилиитэ, кэпсиирэттэн тэйбит буоллаҕына, соппутуойунан арахсар.
Ачыкылаах киһи, эйэҕэстик мичээрдээбитинэн, миэхэ чуо тиийэн кэллэ… Икки ытыспын нэлэппитинэн, оһох диэки дьулустум. Оҕонньор, дьиэ таһын одуулаһан кынчыатаабытынан, бэрт оргууй туос холтуунун ылан, табах сыҥсыйда.
23. -лыы сыһыарыынан аат туохтууртан үөскээбит сыһыатынан бэриллэр сиһилии бөлөҕө, араарыллан этиллэр буоллаҕына, соппутуойунан арахсар.
Кини, улаханнык кэлэйбиттии, киэр хайыһан кэбистэ. Дьоннор, кини эппитин сөбүлүүрдүү, бары күөдьүйэ түстүлэр. Ньыыкан манан бүтэрдэ, аны эһигини истиэм диэбиттии, олорунан кэбистэ.
24. Тэҥниир суолталаах тэнийбит сиһилии, араарыллан этиллэр буоллаҕына, соппутуойунан арахсар.
Балаҕан иннигэр намыһах соҕус ыал ампаара баара, дьүдьэйбит оҕо баттаҕын курдук, кур эрбэһининэн бүрүллэн турар. Күн, саха дьахтарын дьабака бэргэһэтин үрүҥ көмүс туоһахтатын курдук, нэһиилэ кылбайан көстөр.
Х о с б ы һ а а р ы ы.
Сирэй саҥа кэнниттэн кэлэр ааптар тылын бүтүүтүгэр турар тэнийбит сиһилии этииттэн соппутуойунан араарыллар: “Көлөһүммүтүн быыһаатахпыт ити дии”, – диэтэ Шура, холкуйбуттуу үөһэ тыынан баран. “Ынах хомуйан кэлбиккин көрөммүн, иккиһин төрөөбүт саҕа үөрбүтүм”, – диэтэ Байбал, Марба диэки үчүгэй хараҕынан көрүтэлии-көрүтэлии. “Киһибит аһылыга бүтэн эрдэҕэ, илдьэн биэриэх буоллум”, – диэтэ аҕам, итии чэйин сыпсырыйан иһэ олорон.
II. Холбуу этиигэ сурук бэлиэтэ
1. Тэҥҥэ холбуу этии
25. Тэҥҥэ холбуу этии чаастара, тэҥҥэ эбэтэр утуу-субуу буолары көрдөрөр буоллахтарына, бэйэ-бэйэлэриттэн соппутуойунан арахсаллар.
Таһырдьа итиибит эргийбит, халдьаайы сирэйэ хараарбыт. Тылтан тыл төрөөтө, этиһии буолан барда. Кэлбиппит, куорат сахата лыык курдук мунньустубут.
26. Утарыта эбэтэр соһуччу буолар суолталаах этиилэр икки ардыларыгар тириэ турар.
Биэрэр илии билэр – ылар илии билбэт. Булуо дуо – бар дьон буллардылар. Сэмэн Ыстаарыһын саҥата суох остуолга сытар суулааҕы ылан хаһыаты өһүлбүтэ – Тэрэнтэй сүтэрбит суумката тахсан кэллэ. Биирдэ биир оннук тирээбилэ түөрэ барда – саһаан бүтүннүү курулуу түстэ.
27. Тэҥҥэ холбуу этии чаастара, ситим эбэтэр ситимниир тылынан (уонна, итиэннэ диэнтэн уратылар) холбоннохторуна, соппутуойунан арахсаллар.
Күөл хомуһун тыаһа солко таҥас курдук суугунуур уонна өр буола-буола собо оонньоон курк гынара иһиллэр. Ыраах ханна эрэ сыарҕа тыаһа иһиллэр итиэннэ барыта им-ньим, ылы-чып. Аан дэлэй соҕустук тэлэс гынна да, саалаах үс киһи соҕотохто тиргиллэ түстэ. Кинилэр Ньургуһун диэн кыыстаахтара, оттон үрэх уҥуор олорооччу Нараҕаннаах Лоокуут диэн суос-соҕотох уол оҕолоохторо. Таҥас сууйа турар, ол эрээри уоһа хаан кыһыл кырааскалаах. Сөмөлүөтүнэн көтөөччүлэр бары атаарар дьонноох эбиттэр, арай Тасяны ким да атаарбат. Аан дэлэй соҕустук тэлэс гынна да, саалаах үс киһи соҕотохто тиргиллэ түстэ.
28. Тэҥҥэ холбуу этиилэртэн биирдэстэрэ атынын ис хоһоонун сырдатар эбэтэр этиллибит төрүөтүн ыйар суолталаах буоллаҕына, икки ардыларыгар икки туочука турар.
Ким эрэ бурдук тардар быһыылаах: таас тыаһа кыыкырдыыр, уонна им-ньим. Лэбэһэн-лэбэһэн быһаардылар: урут сылдьыбатах эбит. Оттон Илья тыс этэрбэһин устар өссө кытаанах буолла: кээнчэлиин хам тоҥмут.
29. Тэҥҥэ холбуу этиигэ киирсэр судургу этиилэр, улаханнык тэнийбит уонна истэригэр сурук бэлиэлээх буоллахтарына, икки ардыларыгар туочукалаах соппутуой турар.
Түүлээх Уллуҥах, умса түһэн баран, сытар эбит; Чүөчээски, аҥаар илиитин өйөөн баран, мичээрдии-мичээрдии, дүлүҥ үрдүгэр олорор эбит; Түргэн иччитин аттыгар, буруйдаах киһи быһыытынан сырбаҥныы-сырбаҥныы, турар эбит. Оттон хотуннара Өкүлүүнэ эмээхсин – үрдүк уҥуохтаах, уһун синньигэс сирэйдээх, толуу эмээхсин – аҕыйахтык, ол гынан баран ордук сүлүһүннээхтик саҥарара; киниттэн хайдах эрэ өрүү тымныы аҥылыйа сылдьар курдуга; ол эрээри кини кытаанаҕын, күтүрүн туһунан ким да саҥарбат буолара.
2. Баһылатыылаах холбуу этии
30. Салаа этии тутаах этииттэн соппутуойунан арахсар.
Чугастааҕы холкуостар дэриэбинэ чугаһынааҕы сис тыаны солооннор, унааран көстөр киэҥ бурдук бааһыналара үөскээбиттэр. Маайыһы кытта олоруохпут диэн, Сөдүөччүйэ, үөрбүт курдук буолбута. Аҕыс өргөстөөх аламай маҥан күн күөх халлааҥҥа күөрэйэн эрдэҕинэ, Кустук Суһуохтай, уһуктар кэмэ кэлэн, олоро биэрбитэ. Ньургуһун үтүөрэн истэҕин аайы, кини дьоннорун үөрүүтэ улаатан истэҕин аайы, тоҕо эрэ хам-түм Ньургуһун тиллибитин, хостоммутун туһунан, бэркэ наллаан ахтыһыыны саҕалыыр буолбута. Ол киэһэтээҕи халлаан үчүгэйин, ырааһын курдук, кинилэр эмиэ чэпчэкитик, сэргэхтик туттан, оонньуу-көрүлүү, ыллыы-туойа сылдьаллара.
Х о с б ы һ а а р ы ы.
1. Салаа этии тутаах этиини кытта түһүк сыһыарыытынан холбонор түбэлтэтигэр соппутуойунан арахсыбат.
Оҕонньор киһитэ кэпсэтэ көрсүбүтүгэр көх-нэм буолла. Ким ханныгын-тугун оҕолор, хата, эндэппэккэ билэллэр.
2. Быһаарыы, туһаан, кэпсиирэ салаа этиилэр тутаах этииттэн соппутуойунан арахсыбаттар.
Ынах кэйбит ынаҕын ынах кэйэр. Эн муспут баайыҥ манна суох. Үрэх хайдах көрсөрө биллибэт. Сэрии уурайбыта хас да сыл буолла... Буруйдаах мин баарбын.
31. Биир уустаах чилиэн курдук сыһыаннаһар хас даҕаны салаа этии бэйэ-бэйэлэриттэн соппутуойунан арахсар.
Бу сүөһүгүт тоҕо эрэ хаар уулларын, күөх от бытыгырыырын, мутукча-сэбирдэх тылларын, собо ыырын кэтэһэр эбээт! Сирдээҕи олох үтүөтэ бүтэн, манна көрсүбүт саамай күндү, чугас дьоно бары суох буолтарын кэннэ, туох иһин, тугу манаан бу иччитэх сиргэ соҕотоҕун хаалбыта буолуой?
Х о с б ы һ а а р ы ы.
Оттон салаа этиилэр лаппа тэнийэн, истэригэр сурук бэлиэлээх буоллахтарына, туочукалаах соппутуойунан быысаһаллар.
Сүбэ мунньахха Степанов “триумвиаты” хайҕаан тыл эппитин, латыын алпаабытын “р” буукубатын “эр” диэн аахпытын; алпаабыт бүтэһик да буукубатыгар тиийэ битэмииннэри айбыт иһин, ньирэй иитиитигэр балаһыанньа тупсубат кыахтаах диэбитин; дакылаатчыт “демагогтарынан” ааттаабытын; кыстык туругун; тэпилииссэ, оттон да атыттар тустарынан кэпсээтилэр. Остуоруйабыт, үгэс курдук, аһаан-сиэн бүтэн, ыкса киэһэ буолбутун кэннэ; үчүгэйдик ороннору оҥостон, утуйар киэбинэн бары сыппыппыт кэннэ, саҕаланара.
32. Тутаах этии ортотугар кыбыллыбыт салаа этии икки өттүттэн соппутуойунан арахсар.
Оҕонньор, таптыыр ыта сүтэн, ытын оҕолоро ыал устун тарҕастылар. Семен, ол амырыын тыас ньимси баттаабытыгар дылы, сиргэ сирэйинэн умса баран түспүтэ.
III. Сирэй саҥаҕа сурук бэлиэтэ
33. Тиэкис иһигэр бэриллэр сирэй саҥа хабыычыкаҕа ылыллар.
Онуоха Күһэҥэй кырдьаҕас эттэ: “Аламай маҥан күн курдук саныыр доҕотторуом, оччоҕо Ньургуһуну икки үйэлээбит, толору дьоллообут, иккиһин төрөтөн күнү көрдөрбүт Лоокуут эбит!” Ылдьаа киирэн: “Дорооболоруҥ!” – диэбитэ. Николай Дмитриевич оҕолору дьиэлэригэр атаара туран: “Степа, билигин абаҕаҥ Киргиэлэй оҕонньорго учууталбар Пластиновка бу түүн хонорбун көҥүллээ диэ уонна сарсыарда эрдэ туран, миигин оҕуһугар бииргэ илдьэ таҕыстын диир диэн киниэхэ эт”, – диэн Киргиэлэй оҕонньорго илдьиттээтэ уонна: “Эн киэһэ Машаны илдьэ кэлээр”, – диэтэ.
Х о с б ы һ а а р ы ы.
Ааптар тылын ортотугар киирбит сирэй саҥа иннигэр икки туочука, кэннигэр соппутуой (ыйытыы, күүһүрдүү бэлиэлэрэ эбэтэр элбэх туочука) уонна тириэ турар.
Көрөн баран: “О, бу иһэр!” – дэстилэр. Холкуостаахтар, салайар үлэһиттэр Иван Ивановичтан: “Дьоҥҥун тоҕо үлэлэппэккин?” – диэн ыйытар буоллулар.
34. Сирэй саҥа, ааптар тылын кэнниттэн кэлэр буоллаҕына, иннигэр икки туочука турар.
Сирдьитим аара хаалларар табатын тула хаама сылдьан табатын кытта кэпсэттэ: “Мөлтөх эрэйдээх буолаҥҥын, соҕотоҕун хааларыҥ кэллэ дии…” Онуоха Чүөчээски хардарар: “Суох! Мин да кыайбатым, эн да кыайбатыҥ, ол оннугар иккиэн кыайтардыбыт”.
35. Сирэй саҥа, ааптар тылын иннигэр турар буоллаҕына, кэнниттэн соппутуой уонна тириэ тураллар. Сороҕор сирэй саҥа ис хоһоонуттан көрөн, соппутуой оннугар ыйытыы, күүһүрдүү бэлиэлэрин эбэтэр элбэх туочуканы туруоруллар.
“Оҕонньоор, бу көстүбүт көмүстээх үрүйэни эн ааккынан суруйтарыам”, – диэбитэ Кириллин табахтыы олорор Чээбий Сөдүөккэ. “Луохтуур тойоон, бу эмим туохтан харыстаах диэтиҥ этэ?” – диэтэ улахан баҕайытык. “Элбэҕи кэпсэтэ туруохха бириэмэ суох, онон саата аҕалыҥ!... Сэриигэ барабыт!” – диэн этэн таһаарда. “Ити оҕолор саҕа суохпут… Киһи саатыах…”, – диэтэ.
Х о с б ы һ а а р ы ы.
Тириэ, сурук атын бэлиэлэрин кытта бииргэ түбэстэҕинэ, мэлдьи олор кэннилэриттэн турар.
“Пахай, өлөн хаалбыт эһэҕэ түбэстим буолбаат!” – диэн Коля сиргэ силлээтэ.
36. Ааптар тыла, сирэй саҥа ортотугар турар буоллаҕына, икки өттүттэн соппутуойунан уонна тириэнэн арахсар.
“Табаарыстар, – диэбитэ кини, дьону тула көрөн баран, – Алдан көмүһүн биһиги, манна турар дьон бары, буллубут, арыйдыбыт”.
Х о с б ы һ а а р ы ы.
1. Сирэй саҥаҕа туочука туруохтаах сиринэн ааптар тыла кыбыллыбыт буоллаҕына, кини иннигэр соппутуой уонна тириэ, кэннигэр туочука уонна тириэ турар. Сирэй саҥа иккис аҥаара улахан буукубаттан суруллар.
“Бэйи, бэйи, тохтоо, – диэтэ оҕонньор, Киргиэлэй диэки ууна-ууна. – Үлэттэн “бассабыыктыы аккаастанар” диэн тыл суох, “бассабыыктыы ылынар” диэн баар”. “Бу кэпэрэтииптэн сыыйыы тимир тиэйэ баран иһэбин, – диэн баран, олох уларыйыытын бэйэтэ да бэркиһээбит курдук, күллэ. – Оннооҕор эһэни үөрэтэллэрин курдук, сэбиэскэй былаас обургу үөрэттэ, доҕор …”
2. Ааптар тыла кыбыллар сиригэр сирэй саҥаҕа ыйытыы эбэтэр күүһүрдүү бэлиэтэ туруохтаах эбит буоллаҕына, ааптар тылын иннигэр ол бэлиэлэри уонна тириэни туруоруллар, кэнниттэн туочука уонна тириэ турар. Сирэй саҥа иккис аҥаара улахан буукубаттан саҕаланар.
“Мин тиийиэм… Иһиттиҥ дуо? – диэн, симик саҥа иһиллэр-иһиллибэттик уос иһигэр ботугураабыта. – Быраһаай!...” “Тр-рр, дьаабал, тохтоо! – диэтэ оҕонньор сүр эрчимнээхтик, муоһатын чиккэччи тардыбытынан кыргыттарга эргилиннэ. – Кэллибит, бу дьиэ диэбиккит дии?”
3. Кыбыллан киирбит ааптар тылыттан сороҕо сирэй саҥа инники аҥаарыгар, сороҕо кэнники аҥаарыгар сыһыаннаах буоллаҕына, сурук бэлиэлэрин маннык туттуллар: ааптар тылын иннигэр үөһэ ыйыллыбыт бэлиэлэр киирэллэр. Ааптар тылын кэнниттэн икки туочука уонна тириэ тураллар. Сирэй саҥа иккис аҥаара улахан буукубаттан саҕаланар.
“Оргууй эрэ! – Тишко, сүр киҥнээхтик быһа түһэн эппитинэн, өйдөнөн иһэн, төттөрү олорунан кэбиһэр… ханна эрэ остуол аннын диэки умса көрөн олорон, боллурҕаата: – Якутскайга кылаабынай салайааччылара билигин кимий диибит?» “Бу аак эйиэхэ хаста кэлэ сырытта? – саҥарбатаҕын иһин бэйэтэ: - Хаста эмэтэ…”
37. Уус-уран литератураҕа кэпсэтии (диалог) бу курдук суруллар: хас биирдии киһи саҥата саҥа субурҕаттан уонна улахан буукубаттан саҕаланар, иннигэр тириэ турар. Хабыычыка туттуллубат.
– Нохоо, кимҥиний бу? – Сааһыҥ хаскыный?
– Өлөксөйбүн. – Уон аҕыһым.
– Ким уолунаҕын? – Аата, үчүгэйин!
– Ийэм оҕотобун.
Х о с б ы һ а а р ы ы.
1. Сирэй саҥа кэпсэтии (диалог) быһыытынан бэриллэр буоллаҕына, хас биирдии киһи саҥата хабыычыкаҕа ылыллар уонна атын киһи саҥатыттан тириэнэн араарыллар.
“Хайа, ийэбит тиллэн эрэр дуо?” – “Бэйи, тиллээри гынан эрэр, тохтооҥ!” – “Хайа, ыксаатыбыт дии, ийэбит тиллэн эрэр дуо?” – “Бэйи, бэйи, ыксаамаҥ! Ийэҕит тиллэн эрэр, күүтэ түһүҥ”. “Хонор сирбит төһө хаалла?” – “Табаларбыт ырбатахтарына, сэттэ биэрэстэ буолуо этэ. Оттон табаларбыт ырдахтарына, икки да көс буолан тахсыаҕа”.
2. Уус-уран литератураҕа ис санаа (ис саҥа), этиллибит кэриэтэ өйдөнөн, сирэй саҥа курдук бэлиэлэнэр.
Онтон кини өйүгэр: “Эйигин бары ыарахаттары кыайыа дии саныыбын”, – диэн тыллар охсуллан аастылар. Уонна кэргэнэ күлэ олорорун көрөн: “Күлүмэ, Никанор, ити иһэ истээх…” – диэн баҕарар да, тыла барбат.
3. Эрдэ этиллибит саҥа, диалог репликатыгар эбэтэр атын сирэй саҥаҕа киирдэҕинэ, туспа хабыычыкаланар.
– Эйигин мин көрөр буоллум, – диэтэ Буута.
– Хайдах?
– Эн аҕаҥ: “Оҕобун оҕолор атаҕастыахтара, көрө-истэ сылдьаар”, – диэтэ. Кини доҕорун көрсө түһээт: “Оҕонньор илдьиттиир: “Кулууп сэбиэдиссэйэ сэргэхситэ кэлэ сырыттын”. Онон хомунан бара оҕус”, – диэтэ.
4. Сурук, тэлэгирээмэ, сытаата тыллара эмиэ хабыычыкаҕа ылыллаллар.
Онтон балтыгар Сардаанаҕа бу суругу хайдах ылары-биэрэри, кистиири суруйда:“Чэ, тоойуом, кытаат. Ыл пионердыы эҕэрдэтэ. Мин үчүгэйдик сылдьабын. Ахтыма, сотору киириэм. Маны кимиэхэ да этимэ. Чэ, оробуочай-бааһынай дьыалатын иннигэр куруук бэлэм буол!” “Таба сүттэ, соппутуой, түргэнник кэлиҥ” диэн бүгүн Олег бөһүөлэккэ түөрт тыллаах тэлэгирээмэни ылан кыыһыран иһэр.
IV. Сурук бэлиэтин туттуу ураты түбэлтэлэрэ
1. Тириэ
38. Этии тутаах чилиэннэрэ иккиэн төрүт түһүккэ турар биир саҥа чааһынан бэриллэр буоллахтарына, икки ардыларыгар тириэ турар.
Биһиги ийэ тылбыт – киэҥ дириҥ, муударай ис хоһоонноох, хомоҕой-ньымсаҕай, имигэс пуормалаах, бэрт баай, дэлэй элбэх өҥнөөх, кырааскалаах, сүрэҕи өрүкүтэр, дууһаны долгутар, өйү үлүһүтэр күүстээх-кыахтаах, имэҥнээх-илбистээх, кэрэ-дьикти тыл! Тиихэн Ситиикин – промкэмбинээт ууһа. Киһиэхэ хайҕабыл – үүнээйигэ уоҕурдуу кэриэтэ. Үлэлиир – аһыыр, үлэлээбэт – аһаабат. Биэс төгүл биэс – сүүрбэ биэс.
Х о с б ы һ а а р ы ы.
1. Маннык этии кэпсиирэтэ көмө тыллаах буоллаҕына, иннигэр тириэ турбат.
Ол киһи били Даадар чаччыына уола Чохоон Сэмэн эбит. Киэҥ холку буолуу ханнык да киһиэхэ саамай үчүгэй майгы буолар. Эллэй диэн Эллэй. Кыыл аата кыыл, киһи аата киһи.
2. Аҥаардас ыйар солбуйар аатынан бэриллэр туһаан кэпсиирэттэн тириэнэн арахсар. Ити тутаах чилиэннэри да, этии ис хоһоонун да чуолкайдыырга көмөлөөх.
Бу – саас ахсын хампа күөҕүнэн суугунуур алар тыа. Ол – Ноороп дьиэтэ көстөр.
3. Этэр санааны тоһоҕолоон бэлиэтиир ис хоһоонноох тутаах чилиэннэр этиигэ бэйэ-бэйэлэриттэн тириэнэн арахсаллар. Онуоха этии төттөрү бэрээдэктээх (инбиэрсийэ) буолар.
Аан дойдуга туохтан да үчүгэй – эйэ, туохтан да куһаҕан – иҥсэ. Дэриэбинэҕэ кэлбит киһини аан бастакынан көрсөөччүлэр – ыттар. Аарыма тайахха саатын эспит ааттаах булчут – кини.
39. Этиигэ тылы хатылаамаары көтүтүү оннугар тириэ турар.
Маайа икки кыыһа иккиэн үөрэнэллэр: кырата – манна, улахана – куоракка. Үгэс быһыытынан бастаан дакылаат буолбута. Онтон – кэнсиэр.
Х о с б ы һ а а р ы ы.
Кылгастык, быстах тылларынан бэриллэр этии чилиэннэрэ тириэнэн арахсаллар.
Көрдөр – хараҕым, көтүрдэр – тииһим. Мөккүөр да – мөһөөх, тыл да – тыһыынча. Куобах – ойуурунан, киһи – дьонунан.
40. Миэстэ, кэм, ахсаан кээмэйин көрдөрөр тыллар икки ардыларыгар тириэ турар.
Москва – Дьокуускай тыраассатыгар үгүс сөмөлүөт көтөр. ХVII – ХIХ үйэлэргэ нуучча литэрэтиирэтин сайдыыта улаханнык күүһүрбүтэ. 100 – 200 сылынан туох буолуоҕун ким да билбэт. Кэнники да үөрэниэхтэрэ. Билигин оскуола – производство – үөрэх. 1931 сыллаахха Незаметнай – Дьокуускай – Незаметнай морсуруутунан хайыһарынан аан бастаан айаннааһын буолбута.
2. Хабыычыка
41. Борохуот, массыына, хаһыат, сурунаал, уус-уран литература айымньыта уо.д.а. анал ааттара хабыычыкалаах суруллаллар.
“М. Аммосов” теплоход, “Жигули” массыына, “Урал” матасыыкыл, “Кыым” хаһыат, “Чолбон” сурунаал, “Сааскы кэм” арамаан, “Таатта” маҕаһыын, “Дьоҕур” оскуола, “Тобул” кулууп, “Саха омук” түмсүү, “Хомус” ансаамбыл, “Сыккыс” куруһуок уо.д.а.
Х о с б ы һ а а р ы ы.
1. Ханалытыыта суох судургу өйдөнөр анал ааттар хабыычыката суох суруллаллар.
В. Павлов аатынан «Сардаана» баабырыка, Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж, Өлүөнэ өрүс, Харыйалаах сайылыга.
2. Сүөһү, кыыл, сир аата хабыычыката суох улахан буукубанан суруллар.
Харачаан (ынах), Сындыыс (ат), Баһырҕас (ыт), Толугур (алаас), Хаҥалас улууһа.
42. Биирдии эбэтэр быстах тыллар маннык түбэлтэлэргэ хабыычыкалаах суруллаллар: дьоҥҥо соччо биллибэт, киһи атыҥырыы истэр тыла; эргэрбитэ эбэтэр адьас саҥата бэлиэтэнэр тыл; үгэргээн этиллибит тыл; дьиҥнээх суолтатыттан ураты суолтаҕа туттуллубут тыл.
Онно “нууччалаабытын” өйдөөн баран, Баһылай күллэ: “Тырахачыыс” буола-буола, үөдэнтэн булбут тылым эбитэй”, – дии санаата. “Тойонуом! Ыал аатыттан аастым, биир бастыҥ ынаҕым “эбэҕэ” өллө, соҕотох ынахтаах хааллыбыт”, – диэн аҕалара тоҥхоҥноото. Хайа, бу “тойоммут” тыыннаах эбиккин дуу? Онно мин аҕам биир бухатыыры оонньуурга эмиэ “артыыс” буолбут. «Киһи сиир» туойа – «сир сүөгэйэ».
Х о с б ы һ а а р ы ы.
1. Атын киһи саҥатын үтүктүү, халыыбын уларытан хатылааһын хабыычыкаҕа ылыллар.
Иван. Сэрэнэ сатаабытым ээ (тахсар).
Патефонов. “Сэрэнэн”. Эйиэхэ итиччэ “сэрэммит” киһи баар ини.
– Тохтоо, Тит! – Иван Иванович хос иһиттэн өҥөйөн көрөр.
– “Тохтоо” буолбат.
2. Эрдэ ким эрэ эппитигэр сигэниини, олоҕурууну көрдөрөр кэрчик хабыычыкаланар.
Ытыырын быыһыгар кими эрэ үөҕэр: “Ырҕайа сытыйбыт, үллэ сытыйбыт, дыгдайа сытыйбыт!..” Дьахтар саҥатыттан буоллаҕына, буруйдаах киһи саманна баар буолуон сөпкө дылы. Ол эрээри “ырҕайа сытыйбыт” киһи көстүбэт: эр киһи, оҕолор бары көтөхтөрө сүрдээх. Оҕолор элбэхтэрэ киниэхэ “балабыына буорсуйа” биэрэр иэстэн хаһан да тахсыбаттар.
3. Инники этиллибиттэн тирэх тылын талан киллэрии эмиэ хабыычыкаҕа ылыллар.
Чуо буруйун туһунан кинилэр оччо тохтооботтор, “чолойбутун, олойбутун, быччайбытын” ордук кыһанан бэлиэтииллэр.
3. Туочука
43. Кылгатыллан суруллубут эбэтэр маҥнайгы эрэ буукубаларынан бэлиэтэммит тылларга туочука турар.
Н.Д. Неустроев, Дьокуускай к., Ярославскай уул., акад., 20 мүн., 10 сөк.
Х о с б ы һ а а р ы ы.
Туочука турбат:
1) кылгатыылаах холбуу тылларга: СӨ, ТООЧИ, ХИФУ, сопхуос, бэлиитэкэниэмийэ;
2) метрическэй кээмэйдэр ааттарын кылгатан суруйууга: 30 м, 15 км,
6 см;
3) кинигэ таһынааҕы уонна иһинээҕи төбөлөрүгэр; кинигэ, хаһыат, сурунаал, салааларын уонна ыстатыйаларын ааттарыгар уо.д.а.;
4) ааптар аатын-суолун буукубанан кылгатыы икки ардыгар туочука турбат: АА, КУ, АФ.
__________________
1
ПРИЛОЖЕНИЕ № 3
УТВЕРЖДЕНЫ
постановлением Правительства
Республики Саха (Якутия)
от 22 декабря 2015 г. № 501
Правила якутской орфографии
I. Якутские звуки и их обозначение
1. Якутский язык имеет двадцать гласных звуков, в том числе восемь широких– а, аа, о, оо, э, ээ, ө, өө; восемь узких – и, ии, ы, ыы, у, уу, ү, үү; четыре дифтонга – иэ, үө, ыа, уо.
2. Якутский язык имеет двадцать согласных звуков: б, г, ҕ, д, дь, й, й [j], л, м, н, нь, ҥ, р, һ – звонкие; к, п, с, т, х, ч – глухие.
3. Долгие гласные, дифтонги и долгие согласные якутского языка на письме обозначаются двойным начертанием букв, например: таас, туус, ыар, иэс, уос, үөс; аттаах, муннук.
4. Долгий согласный ньнь пишется с одним знаком мягкости, т.е. в виде ннь, например: оонньоо, оҕонньор, булгунньах, чаанньык (а не ооньньоо, оҕоньньор, булгуньньах, чааньньык).
5. Носовой й [j] на письме обозначается буквой й.
И с к л ю ч е н и е: аньыы.
II. Правописание основ
6. Основы, допускающие варианты произношения по гласному первого слога (о или а), типа дойду – дайды, хотуур – хатыыр, солуур – салыыр, пишутся через о: дойду, хотуур, солуур
7. Основы с вариантами произношения по гласному ө или э, типа сөрүүн-сэриин, өлүөр – элиэр, мөккүөр – мэккиэр, сөкү – сэки, пишутся через ө: сөрүүн, өлүөр, мөккүөр, сөкү.
8. Основы с вариантами произношения по гласному и или э, типа илии – элии, силии – сэлии, иҥиир – эҥиир, бириэмэ – бэриэмэ, кэнники – кэннэки, пишутся через и: илии, силии, иҥиир,бириэмэ, кэнники.
И с к л ю ч е н и е: эҥин, эһиги.
9. Основы с вариантами произношения по гласному а или ы, типа ыйдаҥа – ыйдыҥа, антах – ынтах, наҕараада – наҕыраада, халтараан – халтыраан, хантараак – хантыраак, пишутся через а: ыйдаҥа, антах, наҕараада, халтараан, хантараак.
10. Основы, допускающие варианты произношения по согласному д или т, типа дайбаа – тайбаа, судургу – сутургу, хайдах – хайтах, пишутся с д: дайбаа, дабыдал, далаһа, дай, судургу, хайдах.
11. Основы, допускающие варианты произношения по начальному согласному с или һ, типа суох – һуох, сааскы – һааскы, сурук – һурук, пишутся с с: суох, саха, сааскы, сурук.
12. Из двух интервокальных һ, отделяемых друг от друга кратким гласным, первый обозначается буквой с, например: эсэһит, сүөсүһүт, үсүһүн; а если отделяются долгим гласным – не изменяются, например: аһааһын, ууһааһын.
13. Основы, допускающие в произношении варианты типа түөрт – түөт, бэрт – бэт, булт – бут, тарт – тат, орт – от, на письме передаются сочетанием двух согласных -рт, -лт: түөрт, бэрт, булт, тарт, орт.
14. В основах перед глухими согласными к, п, с, т, х, ч и звонким д сонорные р, л не подвергаются изменению: ардах, бытархай, кырпай, оборчо, орто, саһархай; талкы, тэрилтэ, тэтэркэй, харчы, холку, чарпа, ылтаһын, эркин, булчут.
П р и м е ч а н и е: В основах с вариантами произношения типа алчай – аччай, былчархай – быччархай, былчыҥ – быччыҥ, бэгэлчэк – бэгэччэк, былчай – быччай, мүлчү – мүччү пишется чч: аччай, быччархай, быччыҥ, бэгэччэк, быччай, мүччү.
15. В основах с вариантами произношения типа аҕабыыт – аҕабыт, аҥыы – аҥы, аҥаар – аҥар, миин – мин, ойуун – ойун, туораах – туорах, эҥээр – эҥэр, эдьиий – эдьий, эмиий – эмий пишется долгий гласный, например: аҕабыыт, аҥыы, аҥаар, миин (эт миинэ), ойуун, туораах, эҥээр, эдьиий, эмиий.
16. Прилагательные с конечным широким гласным, обозначающие признак предмета по месту или времени, пишутся через долгий гласный: үөһээ тутаах, аллараа кэрдиис, киэһээ чэй; а соответствующие им наречия пишутся через краткий гласный: үөһэ турар, аллара уур, киэһэ кэлээр.
17. Наречия, допускающие варианты произношения по широкому или узкому конечному гласному, типа тоҕо – тоҕу, дьөлө – дьөлү, хайа – хайы, оҥо – оҥу, пишутся через широкий гласный: тоҕо, дьөлө, хайа, оҥо.
18. Служебное слово да (даа) пишется через долгий гласный в функции модальной и вопросительной частиц, например: кэл даа көрдөһөбүн; туох даа?, в других случаях – через краткий гласный: ким да суох, көрдүм да ыллым, соло да суох, ыарыйдарбын да үлэлээтим, кыра да эбит.
19. Служебный глагол гын и некоторые заимствованные из русского языка слова, начинающиеся на г, пишутся с начальным г: гын, гаас, гуорун, гиэрбэ, гаайка.
III. Правописание аффиксированных основ
Имена существительные
20. В начале аффикса -чыт (-сыт) после основ существительных с конечным х пишется ч, например: оһохчут, туһахчыт, куобахчыт; а если основа слова заканчивается на к, аффикс пишется через с, например: балыксыт, суруксут, ыанньыксыт.
И с к л ю ч е н и е: слова типа ынахсыт, табахсыт, чабырҕахсыт, өлүөхсүт, буолуохсут.
21. Именные основы с конечными согласными л, р, с, т перед аффиксом -чыт (-дьыт) сохраняют указанные конечные согласные, например: мас – масчыт, күөс – күөсчүт, от – отчут, эт – этчит, суол – суолдьут, хайыһар – хайыһардьыт, сүгэһэр – сүгэһэрдьит.
22. Производные имена, образованные при помощи аффикса –мньы или -мдьы типа баһымньы – баһымдьы, кыһамньы – кыһамдьы, өһүөмньү – өһүөмдьү, пишутся через нь: баһымньы, кыһамньы, өһүөмньү.
23. Имена с конечным согласным -н во множественном числе пишутся через нн, например: сэһэн – сэһэннэр, аан – ааннар, отон – отоннор.
И с к л ю ч е н и е: тойоттор, хотуттар, барахсаттар, эмээхситтэр, улахаттар, сүллүүкүттэр, түөкүттэр, күлүгээттэр, ыарахаттар
24. Существительные с конечным согласным -р во множественном числе принимают аффикс -дар, например: оонньуур – оонньуурдар, сыыр – сыырдар, солуур – солуурдар.
И с к л ю ч е н и е: дьахтар – дьахталлар, оҕонньор – оҕонньоттор, доҕор – доҕоттор.
25. В основах, оканчивающихся сочетанием согласных -рт, при присоединении падежных аффиксов конечный согласный -т изменяется, например: түөрт – түөрдү –түөртэн – түөркэ, күөрт – күөрдү – күөртэн – күөркэ, кыырт – кыырды – кыыртан – кыырка.
26. Аффикс орудного падежа после основ существительных, оканчивающихся на гласный, пишется с одним н, например: саанан, сүөһүнэн, быанан, буукубанан (а не сааннан, сүөһүннэн, быаннан, буукубаннан).
27. Аффикс сравнительного падежа, присоединяясь к существительным с конечным гласным, пишется через т, например: тыы – тыытааҕар, оҕо – оҕотооҕор, киһи – киһитээҕэр (а не тыылааҕар, оҕолооҕор, киһилээҕэр).
28. Конечные глухие согласные основ -п, -к, -х, -с перед гласным аффикса переходят в соответствующие звонкие -б, -г, -ҕ, -һ, например:сап – сабы, балык – балыгы, талах – талаҕы, сулус – сулуһу.
29. Регрессивной ассимиляции подвергаются следующие конечные согласные основы:
а)-н переходит в -ҥ, -м, например: аан – ааҥҥа – ааммыт; түөн – түөҥҥэ – түөммүт;
б) -т переходит в -к, -п, например: ат – акка – аппыт; хатат – хатакка – хатаппыт, суорат – суоракка – суораппыт.
Глаголы
30. Глаголы во 2-м лице единственного числа будущего времени изъявительного наклонения пишутся с заднеязычным ҥ, например: эн барыаҥ, барыаҕыҥ, эн аһыаҥ, аһыаҕыҥ.
31. Глаголы в 1-м и 2-м лицах множественного числа повелительного наклонения пишутся через ҥ, например: туруоҕуҥ, туруҥ, тураарыҥ, олоруоҕуҥ, олоруҥ, олорооруҥ, аһыаҕыҥ, аһааҥ, аһаарыҥ.
32. Глаголы в 3-м лице множественного числа повелительного наклонения пишутся через долгое нн, например: кэллиннэр, кэлиэхтиннэр, бардыннар, барыахтыннар (а не кэллинэр, кэлиэхтинэр, бардынар, барыахтынар).
33. Глаголы, допускающие варианты в аффиксах возможного и утвердительного наклонения, в словах типа бараайаҕын – бараайыккын, барыыһыгын – барыыһыккын, барааччы – барааччык пишутся с аффиксами
-аайа, -ыыһы, -ааччы, например: бараайаҕын, барыыһыгын, барааччы.
34. Принимая аффикс побудительного залога –т, глагольная основа сохраняет конечный согласный –р, например: сүүр – сүүрт, олор – олорт, бааһыр – бааһырт (а не сүүт, олот, бааһыт).
35. Конечные согласные -й, -л, -р не подвергаются ассимиляции, когда глагол принимает аффикс совместно-взаимного залога -с, например: барсабын, кэлсэҕин, кылыйсар (а не бассабын, кэссэҕин, кылыссар).
36. При спряжении глаголов типа таҕыс, оҕус конечный -с основы сохраняется, например: охсобун, тахсабын, тахсар, охсор (а не оххобун, таххабын, оххор, таххар).
Прилагательные, числительные и наречия
37. Прилагательные, образующиеся при помощи аффикса -ҥы (-ҥи,), пишутся с удвоенным ҥҥ, например: бүгүн – бүгүҥҥү, кыһын – кыһыҥҥы, киэһэ – киэһээҥҥи, бэҕэһээ – бэҕэһээҥҥи.
38. Имена типа киэһэ, сарсыарда, бачча в сочетании с послелогом диэри пишутся с долгим гласным и удвоенным ҥҥ, например: киэһээҥҥэ диэри, баччааҥҥа диэри, сарсыардааҥҥа диэри.
39. Прилагательные, образованные при помощи аффикса -ҥы (-кы, -гы), в форме исходного падежа сохраняют свой конечный узкий гласный, например: кыһыҥҥыттан, уруккуттан, күнүскүттэн (а не кыһыҥҥаттан, уруккаттан, күнүскэттэн).
40. Наречия, образованные при помощи аффикса –чы от формы побудительного залога глагола, пишутся с долгим чч, например: сардырҕаччы, күрдүргэччи, былтаччы, кэлтэччи (а не сардырҕатчы, күрдүргэтчи, былтатчы, кэлтэтчи).
41. Наречия, образованные от глаголов с конечным -р при помощи аффикса -чы, пишутся через -рч, например: кытарчы, хараарчы, саһарчы (а не кытаччы, харааччы, саһаччы).
42. Наречия, образованные от причастий прошедшего времени при помощи аффикса -ча, а также приблизительные числительные от числительных сүүрбэ, отут, пишутся с удвоенным чч, например: барбычча, көрбүччэ, үөрбүччэ, сүүрбэччэ, отучча (а не барбытча, көрбүтчэ, үөрбүтчэ, сүүрбэтчэ, отутча).
IV. Правописание заимствованных из русского языка слов
1. Правописание основы слов
43. При правописании заимствованных из русского языка слов установлены следующие правила:
1) Заимствованные русские слова, фонетически и грамматически давно освоенные якутским языком, типа: остуол, куорат, дьыала, бирикээс, оскуола, сокуон, дьааһыла, ачыкы, а также слова, получившие широкое употребление в разговорной практике, легко приспособившиеся к фонетическим нормам якутского языка, типа автобус – оптуобус, журналист – суруналыыс, конкурс – куонкурус, рынок – ырыынак, студент – устудьуон, тема – тиэмэ, пишутся в фонетизированной форме.
2) Слова, относящиеся к области общественно-политической, научно-технической лексики, не поддающиеся фонетической обработке, такие, как: гроссмейстер, неолит, полиграфия, фортепьяно, пишутся в исходной форме.
П р и м е ч а н и е.
Такие слова в случае широкого распространения в разговорной практике их якутизированного варианта впоследствии могут быть преобразованы в письме в пользу последнего.
44. Географические названия и имена людей пишутся в русском начертании или фонетизированной форме, например: Япония – Дьоппуон, Алдан – Аллан, Сибирь – Сибиир, Америка – Эмиэрикэ; Иванов, Петров, Сидоров, Мария, Фёкла, Пётр, Тумусов; Уйбаныап, Бөтүрүөп, Сиидэрэп, Маарыйа, Сүөкүлэ, Бүөтүр, Тумууһап.
45. Заимствованные географические названия и мужские фамилии, выраженные полной формой прилагательного, а также названия городов с конечным -ск при орфографировании пишутся с конечными -ай или -эй, например: Новай Гвинея, Охотскай муора, Пекарскай, Горькай, Курскай, Минскэй, этиловай испиир, физическэй география.
П р и м е ч а н и е. Конечны ударный о не изменяется, например: Чудской күөл, Чусовской, Донской.
2. Правописание аффиксированных форм
46. Гласный звук, возникающий в якутском произношении между двумя согласными в конце слов, перед аффиксами в письме не обозначается, например: зубр – зубру, рефлекс – рефлекскэ, диаметр – диаметрга.
47. Конечный ф заимствованной основы перед гласным аффикса переходит в б, например: географ – геограбы, томограф –томограбы, а конечный в заимствованной основы при аффиксации не изменяется, например:Сивцев – Сивцеви, Николаев – Николаевы.
48. Конечные сочетания -кт, -пт, -фт, -хт при аффиксации утрачивают последний согласный, а оставшиеся к, п, ф, х перед гласным аффикса озвончаются, например: экстракт –экстрагы, адепт – адебы, ландшафт – ландшабы, Либкнехт – Либкнеҕи.
49. Слова, оканчивающиеся сочетанием согласных -рд, -рт, изменяются по аналогии с якутскими словами с конечными -рт, например: аккорд – аккорду – аккорка, Альберт – Альберды – Альберка.
50. Конечные согласные ж, з, ц, ш, щ перед гласным аффикса переходят в һ, например: репортаж – репортаһы, противогаз – противогаһы, ранец – ранеһы, тушь – туһу, плащ – плаһы.
51. При словоизменении основ, оканчивающихся сочетанием согласных -йд, -лк, -мб, -мп, -нд, -рв, -нк, -ск, перед аффиксом вставляется гласный в соответствии с пунктами а), б) правила 55, например: тальк – тальканы, лимб – лимбэни, зонд – зонданы, резерв – резервэни, франк – франканы, киоск – киосканы.
52. Удвоенные согласные, или сочетания согласных -нт, -нг, -ст, -зд и мягкий согласный в конце слова при аффиксации теряют последний согласный и знак смягчения, а оставшийся конечный согласный подвергается изменению на общих фонетических основаниях, например: ватт – ваты – вакка, сержант – сержаны – сержаҥҥа, спортинг – спортины – спортиҥҥа, турист – туриска – туриһы, подъезд – подъеһы – подъезка (но: фланг – флангалаах).
П р и м е ч а н и е. Существительные, оканчивающиеся на -ль, перед аффиксами, начинающимися с согласного, кроме л, сохраняют мягкий знак: педаль – педальга, туннель – туннельга; перед аффиксами, начинающимися с гласного или с согласного л, мягкий знак не сохраняется: педалы, педаллар, виолончель – виолончелы – виолончеллар.
53. Гласный последнего слога основы имени существительного при аффиксации не подвергается изменению, например: Ефимов – Ефимовтан, отделение – отделениены (а не Ефимавтан, отделенияны).
54. Аффиксы, присоединяемые к заимствованным словам, имеющим оканчание, типичное для якутских слов, имеют такую же форму, как и при якутских основах, например: микрофон – микрофоҥҥа, физик – физиккэ, лауреат – лауреакка.
55. Гласный аффикса, присоединяемого к заимствованным словам, сохраняющим исходную форму написания, определяется по следующим правилам:
а) если основа заимствованного слова содержит хотя бы один гласный заднего ряда (а, о, у, ы) или я, ю, то аффикс пишется с гласным ы или а, например: универмаг – универмагы – универмагтан, биология – биологияны, юрист – юриһы – юристан; б) если основа заимствованного слова содержит гласные только переднего ряда (и, е, э) или конечный слог -тель, то присоединяемый к ней аффикс пишется с гласным и или э, например: резидент – резидени – резидеҥҥэ, кейс – кейскэ – кейсинэн, преподаватель – преподавательгэ – преподавателинэн; в) если последний слог основы заимствованного слова содержит у, ю, ё, либо ударное о, то присоединяемый к ней аффикс пишется с гласным у или а, например: Бекренёв – Бекренёву – Бекренёвка, парашют – парашюту, Серов – Серову, мазут – мазуту (а не Бекреневи – Бекреневкэ, парашюты, Серовы, мазуты).
V. Правописание прописных букв
1. Предложение
56. Первое слово предложения пишется с прописной буквы.
П р и м е ч а н и е.
а) слово, следующее за многоточием в середине предложения, пишется со строчной буквы, например: Эн миэхэ… уларсыаҥ этэ дуо?
б) авторская речь, следующая за вопросительным или восклицательным знаком, или же многоточием, которые замыкают прямую речь, начинается со строчной буквы, например:

в) с прописной буквы пишется слово, следующее за восклицательным знаком, поставленным после обращения или междометия, например: Сахам сирэ! Үөр-көт, киэн тутун. Ычча! Кыһыммыт төннөн кэллэ.
г) первое слово прямой речи, цитаты, или отдельного кусочка текста, начинающихся после двоеточия или с нового абзаца, пишется с прописной буквы, например: Ким эрэ биһигиттэн: «Истэбит», – диэтэ.

д) цитата, включенная в предложение как его продолжение, начинается со строчной буквы, например: «Кыым» хаһыакка «былыттар, көстөн иһэн тунаарар тумарыкка симэлийдилэр» диэн суруллубут.
е) личное местоимение «Эн», которое начинает широко употребляться в качестве формы вежливого обращения, можно писать с прописной буквы, например: – Буркун оҕонньор, Эн төрөөбүт айылҕаҥ амарах тыынын уонна муудараһын эккэр-хааҥҥар, сүрэххэр-дууһаҕар иҥэриммит сэдэх дьоннортон биирдэстэрэ этиҥ. – Өр сылга Эйиэхэ эппэккэ сылдьыбыппын дьэ этээри гынабын.
2. Имена собственные
57. Имена собственные пишутся с прописной буквы:
1) личные имена, отчества, фамилии, псевдонимы, прозвища людей, клички животных и т.д., например: Баһылай, Ньургуйаана, Күндэ, Хачыгыр, Өрүөстээх, Моойторук;
2) названия географических и астрономических объектов (названия городов, селений, рек, озер, морей, планет и т. д.), названия учреждений, организаций, произведений искусства и др., например: Москва, Амма, Бүлүү өрүс, Байкал күөл, Охотскай муора, Марс планета, Холбос, «Төлкө» арамаан.
П р и м е ч а н и е. Слова, употребляемые как уточнение значения имени собственного (арыы, тумул, муора, хомо, өрүс, күөл, сыһыы, куорат, планета и т. д.), пишутся со строчной буквы, например: Дьокуускай куорат, Алдан өрүс, Ньидьили күөл, Хатыыстаах арыы, Венера планета.
58. С прописной буквы пишется первое слово в именах собственных, состоящих из нескольких слов, а также слово, несущее основное значение в его составе, например: Арассыыйа Атын дойдутааҕы дьыалаларын министиэристибэтэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Наукаларын академията;
1) в официальных названиях учреждений: Саха сиринээҕи кинигэ кыһата, П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай драматическай тыйаатыра;
2) в полных названиях партий, общественных организаций: «Ийэ тыл» түмсүү, «Саха кэскилэ» хамсааһын, «Билии» уопсастыба;
3) в двусоставных именах собственных, образующихся с помощью родовых названий типа уулусса, болуоссат, муора, акыйаан: Кыһыл болуоссат, Горькай уулусса, Хара муора, Чуумпу акыйаан;
4) в названиях праздников, знаменательных дат: Саҥа дьыл, Төрөөбүт тыл күнэ, Дыгын оонньуута, «Азия оҕолоро» оонньуу, Аан дойду дьахталларын күнэ, Аҕа дойду Улуу сэриитэ, Гражданскай сэрии;
5) в названиях международных и зарубежных общественных, профессиональных организаций, государственных учреждений и т. д.: Идэлээх сойуустар бүтүн Аан дойдутааҕы федерациялара;
6) в выделяемых кавычками наименованиях знаков отличия, названиях литературных произведений, газет, журналов, учреждений и прочих, например: «Үлэҕэ килбиэнин иһин» (мэтээл), «Далбар хотун» (сурунаал), «Эдэр саас» (хаһыат), «Өрүстэр кирбиилэрэ» (арамаан), «Сырдык сулус» (тэрилтэ).
59. С прописной буквы пишутся все слова имен собственных, состоящих из нескольких слов:
1) личные имена, отчества, фамилии, псевдонимы, прозвища людей, клички животных и т. д.: Омоҕой Баай, Максим Петрович Иванов, Амма Аччыгыйа, Туора Муос;
2) названия географических и астрономических объектов (городов, селений, рек, озёр, морей, небесных тел и т. д.), например: Орто Халыма, Ытык Күөл, Кыыллаах Арыы, Наахара, Улуу Сыһыы, Хотугу Муустаах Байҕал, Сылгы Ыытар, Саҥа Сир, Араҥас Сулус;
3) полные названия государств: Америка Холбоһуктаах Штаттара, Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ;
4) названия международных организаций: Холбоһуктаах Наассыйалар Тэрилтэлэрэ, Эйэ Бүтүн Аан дойдутааҕы Сэбиэтэ;
5) названия высших органов власти государства, например: Ил Түмэн, Арассыыйа Үрдүкү суута;
6) полные названия орденов, кроме слов «орден» и «степень»: Аҕа дойду сэриитин I истиэпэннээх уордьана, «Бочуот Знага» уордьан, Кыһыл Сулус уордьан, Сибэтиэй Александр Невскэй уордьана;
П р и м е ч а н и е. В неделимых лексических единицах, состоящих из двух или нескольких слов, входящих в состав названий, с прописной буквы пишется только первое слово, например: Аҕа дойду сэриитэ, Куттал суох буолуутун сэбиэтэ;
7) наименования высших должностей и почетных званий: Үлэ Геройа, Өрөспүүбүлүкэ Палаататын Бэрэссэдээтэлэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана.
П р и м е ч а н и е. В других случаях наименования титулов, должностей и званий пишутся со строчной буквы, например: миниистир, бэрэсидьиэн, дьоруой.
8) Прописной буквой пишутся все инициальные аббревиатуры, например: АФ (Арассыыйа Федерацията), ХНТ (Холбоһуктаах Наассыйалар Тэрилтэлэрэ), КНӨ (Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтэ).
60. В географических названиях на якутском языке, состоящих из двух слов, оба слова пишутся без дефиса с прописной буквы, например: Орто Халыма, Үөһээ Бүлүү, Улахан Чыыстай, Ытык Күөл, Арыы Тиит, Улуу Сыһыы, Хатыҥ Тумул, Мэҥэ Хаҥалас, Амма Наахара, Тулагы Киллэм, Түбэй Дьаархан, Уус Алдан, Эбээн Бытантай, Сылгы Ыытар, Оҕус Арыылааҕа, Тойон Уйалаах.
VI. Употребление дефиса
61. Дефис употребляется:
1) в прилагательных с усилительной частицей, например:кып-кыһыл, кубус-кураанах, нүрү-нүксүгүр, ылы-чып;
2) в парных словах, например: от-мас, үтүө-мөкү, биэс-алта, ол-бу, кэлии-барыы, саҥар-иҥэр, сүүрэн-көтөн; түҥ-таҥ, лис-лас, марай-сарай;
3) в сдвоенных словах, образующих лексические единства с новым значением, например: күлэ-күлэ, ыксаан-ыксаан, бэйэ-бэйэтиттэн, киһи-киһиттэн, үрүт-үрдүгэр, орун-оннугар, саас-сааһынан, тус-туспа, кэллэ-кэлээт;
4) в заимствованных парных словосочетаниях:

б) силлабо-тоническай, социал-демократическай;

1) в синтаксических сочетаниях одинаковых основ дефис не употребляется, например: от оттоон, киһи киһиттэн орпот, бэрдинэн бэрт, бардар баран, муос муоска, элбэхтэн элбэх, үлэлээбит үлэҥ, баран баран (кэллэ), бэйэтэ бэйэтиттэн (тэбиэһирэр);
2) частицы, примыкающие к слову после основы, пишутся без дефиса, например: сүгэ той, чахчы бааччы, быа иттэ, таҥас эҥин.
VII. Правила переноса
62. Слова на другую строку переносятся по слогам, а при делении слов на слоги согласная буква от следующей за ней гласной не отделяется, например: ба-рар, та-йах, ыар-ҕа, саас-кы, хо-йуу, то-то-рор.
П р и м е ч а н и е. Не оставляется в конце строки или не переносится на другую строку слог, состоящий из одного гласного, из долгого гласного или из дифтонга. Например, нельзя переносить: ы-тар, аа-һыы, үө-рэх, уо-латтар.
63. Согласный, не составляющий отдельного слога, долгие гласные и дифтонги при переносе не отделяются. Например, нельзя переносить: к-ыһыл, кыһы-л, үүттэ-эх, ы-ал, уҥу-ох.
64. Нельзя разбивать переносом:
1) условные графические сокращения типа уо.д.а., о.д.а., а.э.;
2) инициальные аббревиатуры типа ХНТ, АХШ, ТУ-154;
3) фамилию и инициалы людей, например: Б.Б. Уйбаныап (а не Б.Б.-Уйбаныап).
65. Нельзя переносить на другую строку:
1) все пунктуационные знаки, кроме тире, стоящего после точки или после двоеточия перед следующей частью прерванной прямой речи;
2) наращения к цифрам: (неверно: 7- с, 10- с);
3) сокращения, отделяя их от цифр или слов, стоящих перед ними (неправильно: 1961- с., Москва- к.);
4) сокращения, обозначающие меры, отрывая их от цифр, указывающих число измеряемых единиц (неправильно: 10- м, 3-мм2, 6- кг).
_________________
1
ПРИЛОЖЕНИЕ № 4
УТВЕРЖДЕНЫ
постановлением Правительства
Республики Саха (Якутия)
от 22 декабря 2015 г. № 501
Правила якутской пунктуации
I. Знаки препинания в простом предложении
1. Знаки препинания в разных типах предложений
1. В конце повествовательного предложения ставится точка.

В конце повествовательных предложений, выражающих последовательность речи, ставится точка с запятой.

2. В конце вопросительного предложения ставится вопросительный знак.

а) если вопрос задается группой слов или одним словом раздельно, то каждый раз ставится вопросительный знак.

б) в конце вопросительно-восклицательного предложения ставятся и вопросительный, и восклицательный знаки.

в) вопросительный знак ставится в конце риторического вопроса.
Ким үрүҥ күммүт өлбөөрдүн диэй? Ким кэрэ кэскилбит кэҕиннин диэй? Күөх хонууга, бу бэйэлээх сайын кэлэн турдаҕына, Ким үөрбэт-көппөт буолуой?
3. В конце предложения, выражающего сильное чувство, ставится восклицательный знак.

4. В конце предложения, выражающего побуждение, просьбу, желание и произносимого в речи с восклицательной интонацией, ставится восклицательный знак.

а) если предложение с таким содержанием произносится в речи спокойно, в конце предложения ставится точка.

б) в художественной литературе, публицистике при особой восклицательной речи ставится несколько восклицательных знаков.

5. При недоговоренности, незаконченности высказывания в конце предложения ставится многоточие.

а) если в конце предложения стоит вопросительный или восклицательный знак, то многоточие следует за ним.

б) При цитировании косвенной речи, если она представлена не полностью, на разрыве ставится многоточие.

в) в деловом письме после основного предложения перед пунктами ставится двоеточие, например:

2. Знаки препинания при однородных членах предложения
6. Однородные члены предложения, не соединенные союзами, отделяются запятыми.
Эн манна улаатыаҥ, үлэлиэҥ. Кини ааттаах остуоруйаһыт, таабырынньыт, чабырҕахсыт. Оттуун-мастыын, дьиэлиин-уоттуун соҕотохто сырдаата.Чэгиэни ыалдьа сытан, эдэрикырдьан баран, доҕору хомото сылдьан өйдүүбүт.Куула тыа иһигэр кыһыл, күөх, маҥан, хара таҥастаах дьон бөҕө мустубуттар. Саһыл истээх сукуна сонноох, хара саһыл тыһа бэргэһэлээх, хара таба тыһа күрүмэлээх, маҥан саартаах киһи киирэн, үтүлүктээх бэргэһэтин остуолга уурда.
П р и м е ч а н и е.
а) не являются однородными определения, выраженные прилагательными, отражающими разные признаки предмета или явления, поэтому запятые между ними не ставятся.

б) распространенные определения, даже если они не являются однородными членами предложения, отделяются друг от друга запятыми.

в) если определение уточняет, дополняет другое определение, стоящее впереди, то отделяется от него запятой.

7. Однородные члены предложения, соединенные союзом, не отделяются запятыми.

а) при попарном соединении однородных членов предложения союзом уонна запятая ставится между парами (союз уонна действует только внутри пары).
Мохсоҕоллор уонна хотойдор, бөрөлөр уонна эһэлэр ырыаһыты этинэн аһаппыттар, оттон табалар уонна тайахтар үүтүнэн эмсэхтээбиттэр. Куораттар уонна дэриэбинэлэр, собуоттаруоннабаабырыкалар, холкуостар уонна сопхуостар эйэлээх олох үлэтин эбии күүһүрдэн иһэллэр.
б) однородные члены предложения, соединенные союзом хата в противительном значении, отделяются запятыми. Хат киирбэтэ, хата баран чуолҕаҥҥа эрэсиэбин биэрдэ. Уйбаан аҕата улахан күүһэ суох, хата эдэригэр быһый этэ.
8. Однородные члены предложения, соединенные повторяющимися союзами, отделяются запятыми.
Лиза олус абарда даҕаны, хомойдо даҕаны. Уол ытыырыттан оҕонньор кыбыстар да, аһынар да быһыылаах…Эбэтэр үлэлиэҕиҥ, эбэтэр түргэнник тарҕаһыаҕыҥ.
П р и м е ч а н и е.
Члены предложения, соединенные словом икки в соединительном значении, не отделяются запятыми.
Чымаат уола икки Самайыыл икки сырсан бөтөрүһэн кэллилэр.Олорор икки турар икки ардынан бакыйан баран, салҕаластыы турда.
9. Между распространенными членами предложения, в составе которых имеются однородные члены, отделенные друг от друга запятыми, ставится точка с запятой.

10. Если обобщающее слово предшествует ряду однородных членов, то после него ставится двоеточие:
Иван Иванович эҥин араас оонньуурдары аҕалбыт: эрэһиинэ мээчиктэр, нагааннар, грузовиктар, буускалар, аттар. Арааһынанбарытынан эмтэннэ: баҕа да миинин истэ, эһэ даүөһүн, ыт да сыатын боруобалаата.
П р и м е ч а н и е.
Двоеточие может ставиться и при отсутствии обобщающего слова перед перечислением, если имеются слова, указывающие на это.

11. Обобщающее слово, стоящее после однородных членов, отделяется от них знаком тире.

12. Если обобщающее слово стоит впереди, а некоторая часть предложения следует за однородными членами, то перед ними ставится двоеточие, после них – тире.
Көрсүһүү, хардарыта куустуһуу кэнниттэн бары үһүөн Аппатыыт эмээхсин кэһиитин: сүөгэйи, дьэдьэни, моонньоҕону, отону – массыынаҕа таһаардылар.Бүлүү тутааччылара кураанах сир тыйыс айылҕатын барыыарын: чысхааннаах кыһыны, сыралҕан сайыны – барытын хорсуннук тулуйдулар.
3. Знаки препинания при вводных и вставных конструкциях
13. Обращение, т. е. слово или сочетание слов, называющее того(то) к кому (чему) обращена речь, выделяется или отделяется запятыми.

После обращения, которое стоит в начале или конце предложения, при условии, что оно произносится восклицательно, эмоционально, ставится восклицательный знак. Следующее за ним слово пишется с прописной буквы.

14. Если междометие, стоящее перед обращением, произносится без восклицания, то оно отделяется запятой.
Ии, тоҕойум оҕото, сутуругун оҕотун болчоччу туттубут буола-буола.Чэ, этэҥҥэ сырыт, учууталыҥ тылын иһит… Киһи буолар диэн, оо, үчүгэй да эбит… Эн уот харахха эттиҥ, сөрү-сөп.
15. Если междометие произносится громко с выделением, то ставится восклицательный знак, а следующее за ним слово пишется с прописной буквы.

16. Если слова сөп, суох, стоящие в начале предложения, произносятся с повышенной эмоциональностью, после них ставится восклицательный знак, а следующее за ними слово пишется с прописной буквы. Если они интонационно не выделяются – отделяются запятой.

Частицы и междометия, стоящие перед словами суох, сөп, ээх, не отделяются от них запятой.

17. Вводное слово или словосочетание отделяются запятыми.
Дьону-сэргэни көрө таарыйа, кырдьык, онно бара сырыт. Баҕар, бэйэм эмтэнэрим кэлиэҕэ.Ол аата, эн эһэҥ ньиэп диэн сир баайын булбут. Холобура диэн эттэххэ, Баһылай Киппээнэп баар.
18. Вводное предложение, если оно как вставная конструкция сильно отличается от основного предложения по форме, заключается в скобки.

Вводное предложение, являясь составной частью основного предложения, отделяется запятыми.

19. Авторское слово или авторский текст, которые вводятся в предложение с целью уточнения или дополнения смысла того или иного слова, заключаются в скобки.

а) ссылки на автора и источник цитирования заключаются в скобки.

б) точка или запятая ставятся за скобками.

4. Знаки препинания при обособляемых приложениях и обстоятельствах
20. Одиночные или распространенные приложения обособляются запятыми.

Распространенные или имеющие внутри знаки препинания приложения обособляются с двух сторон тире.
Оттон эһигини – урукку олох сидьиҥ тылын, умнуллубут үөхсүүтүн көбүппүт дьону – көрбөппүт дуо?Бу туохпутуй, эһиэхэ – халыҥ чаҕардаах, үгүс аймахтаах дьоннорго – уруу буолла дуу, тугуй? Эбэм – аҕам ийэтэ, Боккуойа эмээхсин – улахан кыыһын аахха, сылгыһыт Мэхээчэлээххэ, олорор.
21. Обстоятельства, выраженные деепричастными оборотами, обособляются запятыми независимо от места расположения по отношению к глаголу-сказуемому.

а) уступительные обороты, оканчивающиеся соединительными союзами буолан баран, эрээри, отделяются запятыми.
Бүөтүр, түөрт уончатыттан эрэ тахсыбыт эрээри, биллэ аҕамсыйбыт, көҕөччөр гына туртайбыт баттахтаах… Кыыс, атын сиргэ барыаҕын баҕарар буолан баран, кими да билбэт.
б) одиночное обстоятельство, выраженное деепричастием и отстоящее от сказуемого, обособляется запятыми.

в) приложения, уточняющие обстоятельства места и времени, обособляются с двух сторон запятыми.

22. Если обстоятельство образа действия, выраженное деепричастием на -бытынан, имеющим при себе уточняющие слова, отстоит от сказуемого, то оно обособляется запятыми.

23. Обстоятельства, выраженные наречиями на -лыы, образованными от причастий, если выделяются в речи, отделяются запятыми.

24. Распространенные обстоятельства в значении сравнения отделяются запятыми.

Распространенные обстоятельства, стоящие после прямой речи в конце авторской речи, отделяются запятыми.
“Көлөһүммүтүн быыһаатахпыт ити дии”, – диэтэ Шура, холкуйбуттуу үөһэ тыынан баран. “Ынах хомуйан кэлбиккин көрөммүн, иккиһин төрөөбүт саҕа үөрбүтүм”, – диэтэ Байбал, Марба диэки үчүгэй хараҕынан көрүтэлии-көрүтэлии. “Киһибит аһылыга бүтэн эрдэҕэ, илдьэн биэриэх буоллум”, – диэтэ аҕам, итии чэйин сыпсырыйан иһэ олорон.
II. Знаки препинания в сложном предложении
1. Знаки препинания в сложносочиненном предложении
25. Если части сложносочиненного предложения обозначают одновременное или переменное действие, то отделяются друг от друга запятыми.

26. Между частями сложносочиненного предложения ставится тире, если вторая часть предложения заключает в себе значение противопоставления или внезапности.

27. Если части сложносочиненного предложения соединяются между собой союзом или соединительным словом (кроме уонна, итиэннэ), то перед союзом или соединительным словом ставится запятая.
Күөл хомуһун тыаһа солко таҥас курдук суугунуур уонна өр буола-буола собо оонньоон курк гынара иһиллэр. Ыраах ханна эрэ сыарҕа тыаһа иһиллэр итиэннэ барыта им-ньим, ылы-чып. Аан дэлэй соҕустук тэлэс гынна да, саалаах үс киһи соҕотохто тиргиллэ түстэ. Кинилэр Ньургуһун диэн кыыстаахтара, оттон үрэх уҥуор олорооччу Нараҕаннаах Лоокуут диэн суос-соҕотох уол оҕолоохторо. Таҥас сууйа турар, ол эрээри уоһа хаан кыһыл кырааскалаах. Сөмөлүөтүнэн көтөөччүлэр бары атаарар дьонноох эбиттэр, арай Тасяны ким да атаарбат.
28. Если одно из частей сложносочиненного предложения уточняет содержание другого или указывает причину сказанного в другом, то между ними ставится двоеточие.

29. Между простыми предложениями, входящими в состав сложносочиненного предложения, ставится точка с запятой, если они являются распространенными или имеют внутри знаки препинания.

2. Знаки препинания в сложноподчиненном предложении
30. Придаточная часть сложноподчиненного предложения отделяется от главной запятой.

а) запятая между главной частью и придаточной, присоединяемой падежными аффиксами, не ставится.

б) придаточное определительное, придаточное подлежащное, придаточное сказуемостное не отделяются запятыми от главного.
Ынах кэйбит ынаҕын ынах кэйэр. Эн муспут баайыҥ манна суох.Үрэх хайдах көрсөрө биллибэт. Сэрии уурайбыта хас да сыл буолла... Буруйдаах мин баарбын.
31. Несколько однородных придаточных предложений отделяются друг от друга запятыми.

Несколько придаточных предложений, распространенных, имеющих внутри себя знаки препинания, отделяются друг от друга точкой с запятой.
Сүбэ мунньахха Степанов “триумвираты” хайҕаан тыл эппитин, латыын алпаабытын “р” буукубатын “эр” диэн аахпытын; алпаабыт бүтэһик да буукубатыгар тиийэ битэмииннэри айбыт иһин, ньирэй иитиитигэр балаһыанньа тупсубат кыахтаах диэбитин; дакылаатчыт “демагогтарынан” ааттаабытын; кыстык туругун; тэпилииссэ, оттон да атыттар тустарынан кэпсээтилэр. Остуоруйабыт, үгэс курдук, аһаан-сиэн бүтэн, ыкса киэһэ буолбутун кэннэ; үчүгэйдик ороннору оҥостон, утуйар киэбинэн бары сыппыппыт кэннэ, саҕаланара.
32. Придаточное предложение, находящееся внутри главного, выделяется запятыми с двух сторон.
Оҕонньор, таптыыр ыта сүтэн, ытын оҕолоро ыал устун тарҕастылар. Семен, оламырыын тыас ньимси баттаабытыгар дылы, сиргэ сирэйинэн умса баран түспүтэ.
III. Знаки препинания при прямой речи
33. Прямая речь, включенная в авторский текст, заключается в кавычки.
Онуоха Күһэҥэй кырдьаҕас эттэ:“Аламай маҥан күн курдук саныыр доҕотторуом, оччоҕо Ньургуһуну икки үйэлээбит, толору дьоллообут, иккиһин төрөтөн күнү көрдөрбүт Лоокуут эбит!”Ылдьаа киирэн: “Дорооболоруҥ!” – диэбитэ. Николай Дмитриевич оҕолору дьиэлэригэр атаара туран: “Степа, билигин абаҕаҥ Киргиэлэй оҕонньорго учууталбар Пластиновка бу түүн хонорбун көҥүллээ диэ уонна сарсыарда эрдэ туран, миигин оҕуһугар бииргэ илдьэ таҕыстын диир диэн киниэхэ эт”, – диэн Киргиэлэй оҕонньорго илдьиттээтэ уонна: “Эн киэһэ Машаны илдьэ кэлээр”, – диэтэ.
П р и м е ч а н и е.
Если прямая речь оказывается внутри слов автора, то она заключается в кавычки, перед ней ставится двоеточие, а после нее – запятая (вопросительный и восклицательный знаки или многоточие) и тире.

34. Если прямая речь следует за авторской, то после авторской речи ставится двоеточие.
Сирдьитим аара хаалларар табатын тула хаама сылдьан табатын кытта кэпсэттэ: “Мөлтөх эрэйдээх буолаҥҥын, соҕотоҕун хааларыҥ кэллэ дии…” Онуоха Чүөчээски хардарар:“Суох! Мин да кыайбатым, эн да кыайбатыҥ, ол оннугар иккиэн кыайтардыбыт”.
35. Если прямая речь стоит перед вводящими ее словами автора, то после прямой речи ставится запятая и тире. Иногда после прямой речи, в зависимости от ее смыслового содержания, вместо запятой может стоять вопросительный знак (или восклицательный, или многоточие).
“Оҕонньоор, бу көстүбүт көмүстээх үрүйэни эн ааккынан суруйтарыам”, – диэбитэ Кириллин табахтыы олорор Чээбий Сөдүөккэ. “Луохтуур тойоон, бу эмим туохтан харыстаах диэтиҥ этэ?”– диэтэ улахан баҕайытык. “Элбэҕи кэпсэтэ туруохха бириэмэ суох, онон саата аҕалыҥ!... Сэриигэ барабыт!” – диэн этэн таһаарда. “Ити оҕолор саҕа суохпут… Киһи саатыах…”,–диэтэ.
П р и м е ч а н и е.
Тире в сочетании с другими знаками препинания всегда занимает последнее место.

36. Если слова автора разрывают прямую речь, то с двух сторон отделяются запятыми и тире.
“Табаарыстар, – диэбитэ кини,дьону тула көрөн баран, – Алдан көмүһүн биһиги, манна турар дьон бары, буллубут, арыйдыбыт”.
П р и м е ч а н и е.
а) если на месте разрыва прямой речи предполагается точка, то перед словами автора ставятся запятая и тире, после авторских слов — точка и тире. Вторая часть прямой речи начинается с прописной буквы.
“Бэйи, бэйи, тохтоо, – диэтэ оҕонньор, Киргиэлэй диэки ууна-ууна. – Үлэттэн “бассабыыктыы аккаастанар” диэн тыл суох, “бассабыыктыы ылынар” диэн баар”. “Бу кэпэрэтииптэн сыыйыы тимир тиэйэ баран иһэбин, –диэн баран, олох уларыйыытын бэйэтэ да бэркиһээбит курдук, күллэ. – Оннооҕор эһэни үөрэтэллэрин курдук, сэбиэскэй былаас обургу үөрэттэ, доҕор …”
б) если на месте разрыва оказывается вопросительный или восклицательный знак, за ним следует тире перед словами автора (со строчной буквы), после авторских слов ставится точка и тире. Вторая часть прямой речи начинается с прописной буквы.
“Мин тиийиэм… Иһиттиҥ дуо? – диэн, симик саҥа иһиллэр-иһиллибэттик уос иһигэр ботугураабыта.– Быраһаай!...” “Тр-рр, дьаабал, тохтоо! – диэтэ оҕонньор сүр эрчимнээхтик, муоһатын чиккэччи тардыбытынан кыргыттарга эргилиннэ. – Кэллибит, бу дьиэ диэбиккит дии?”
в) если слова автора распадаются по смыслу на две части, которые относятся к разным частям прямой речи, то при соблюдении других условий после слов автора ставятся двоеточие и тире. Вторая часть прямой речи начинается с прописной буквы.
“Оргууй эрэ! – Тишко, сүр киҥнээхтик быһа түһэн эппитинэн, өйдөнөн иһэн, төттөрү олорунан кэбиһэр… ханна эрэ остуол аннын диэки умса көрөн олорон, боллурҕаата: – Якутскайга кылаабынай салайааччылара билигин кимий диибит?» “Бу аак эйиэхэ хаста кэлэ сырытта? – саҥарбатаҕын иһин бэйэтэ: – Хаста эмэтэ…”
37. В художественной литературе диалог пишется так: при абзацном выделении реплик диалога перед репликой ставится тире. Кавычки не применяются.

а) если в диалоге прямая речь принадлежит разным лицам, то каждая реплика выделяется кавычками отдельно и реплики отделяются друг от друга знаком тире.
“Хайа, ийэбит тиллэн эрэр дуо?” – “Бэйи, тиллээри гынан эрэр, тохтооҥ!” – “Хайа, ыксаатыбыт дии, ийэбит тиллэн эрэр дуо?” – “Бэйи, бэйи, ыксаамаҥ! Ийэҕит тиллэн эрэр, күүтэ түһүҥ”. “Хонор сирбит төһө хаалла?” – “Табаларбыт ырбатахтарына, сэттэ биэрэстэ буолуо этэ. Оттон табаларбыт ырдахтарына, икки дакөс буолан тахсыаҕа”.
б) в художественной литературе внутренняя речь (мысль про себя) оформляется знаками препинания так же, как прямая речь. Онтон кини өйүгэр: “Эйигин бары ыарахаттары кыайыа дии саныыбын”, – диэн тыллар охсуллан аастылар. Уонна кэргэнэ күлэ олорорун көрөн: “Күлүмэ, Никанор, ити иһэ истээх…” – диэн баҕарар да, тыла барбат.
в) если ранее высказанная речь входит в диалог или в другую прямую речь, то в кавычки заключается отдельно.

– Эн аҕаҥ:“Оҕобун оҕолор атаҕастыахтара, көрө-истэ сылдьаар”, –диэтэ. Кини доҕорун көрсө түһээт: “Оҕонньор илдьиттиир: “Кулууп сэбиэдиссэйэ сэргэхситэ кэлэ сырыттын”. Онон хомунан бара оҕус”, – диэтэ.
г) Тексты писем, телеграмм, цитат также заключаются в кавычки.

IV. Особые случаи употребления знаков препинания
1. Тире
38. Между подлежащим и сказуемым на месте отсутствующей связки ставится тире, если подлежащее и сказуемое выражены существительными в форме основного падежа.

а) если сказуемое такого предложения имеет вспомогательное слово, тире не ставится.

б) если подлежащее выражено указательным местоимением, то отделяется от сказуемого знаком тире.

в) подлежащее и сказуемое, обозначающие основное содержание высказанной мысли, отделяются друг от друга тире. При этом предложение имеет обратный порядок слов (инверсия).

39. В предложении, чтобы не повторять слово, на месте пропуска ставится тире.

Между нераспространенными главными членами предложения, ставится тире. Көрдөр – хараҕым, көтүрдэр – тииһим. Мөккүөр да – мөһөөх, тыл да – тыһыынча. Куобах – ойуурунан, киһи – дьонунан.
40. Между словами, обозначающими место, время, число, ставится тире.
Москва – Дьокуускай тыраассатыгар үгүс сөмөлүөт көтөр. ХVII-ХIХ үйэлэргэ нуучча литэрэтиирэтин сайдыыта улаханнык күүһүрбүтэ. 100-200 сылынан туох буолуоҕун ким да билбэт. Кэнники да үөрэниэхтэрэ. Билигин оскуола – производство – үөрэх. 1931 сыллаахха Незаметнай-Дьокуускай- Незаметнай морсуруутунан хайыһарынан аан бастаан айаннааһын буолбута.
2. Кавычки
41. Названия пароходов, автомобилей, газет, журналов, художественных литературных произведений и т. д. заключаются в кавычки.
“М.Аммосов” теплоход, “Жигули” массыына, “Урал” матасыыкыл, “Кыым” хаһыат, “Чолбон” сурунаал, “Сааскы кэм” арамаан, “Таатта” маҕаһыын, “Дьоҕур” оскуола, “Тобул” кулууп, “Саха омук” түмсүү, “Хомус” ансаамбыл, “Сыккыс” куруһуок уо.д.а.
П р и м е ч а н и е.
а) простые имена собственные оформляются без кавычек.
В.Павлов аатынан «Сардаана» баабырыка, Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж, Өлүөнэ өрүс, Харыйалаах сайылыга.
б) клички животных, географические названия пишутся без кавычек.

42. Единичные или отдельные слова пишутся в кавычках в следующих случаях: незнакомые, чуждые слова; архаизмы или неологизмы; иронические слова и выражения; слова, использованные не в прямом значении.

а) подражание чужой речи, повторение слова в измененной форме заключаются в кавычки.
Иван. Сэрэнэ сатаабытым ээ(тахсар).
Патефонов. “Сэрэнэн”.Эйиэхэ итиччэ“сэрэммит” киһи баар ини.

б) в кавычки заключается часть текста из ранее прозвучавшей речи.
Ытыырын быыһыгар кими эрэ үөҕэр:“Ырҕайа сытыйбыт, үллэ сытыйбыт, дыгдайа сытыйбыт!..” Дьахтар саҥатыттан буоллаҕына, буруйдаах киһи саманна баар буолуон сөпкө дылы. Ол эрээри “ырҕайа сытыйбыт” киһи көстүбэт: эр киһи, оҕолор бары көтөхтөрө сүрдээх. Оҕолор элбэхтэрэ киниэхэ “балабыына буорсуйа” биэрэр иэстэн хаһан да тахсыбаттар.
в) в кавычки также заключаются слова, повторяемые выборочно из ранее высказанного. Чуо буруйун туһунан кинилэр оччо тохтооботтор, “чолойбутун, олойбутун, быччайбытын” ордук кыһанан бэлиэтииллэр.
3. Точка
43. Точка ставится при сокращении слов, в том числе и по первой букве.
Н.Д.Неустроев, Дьокуускай к., Ярославскай уул., акад., 20 мүн., 10 сөк.
П р и м е ч а н и е.
Точка не ставится:
1) в аббревиатурах и сложносокращенных словах: СӨ, ТООЧИ, ХИФУ, сопхуос, бэлиитэкэниэмийэ;
2) в сокращенных названиях метрических единиц: 30 м, 15 км, 6 см;
3) в главах книг; в названиях рубрик и статей книг, газет, журналов и др.
4) точка не ставится между инициалами автора: АА, КУ, АФ.

Дополнительные сведения
Государственные публикаторы: | Портал "Нормативные правовые акты в Российской Федерации" от 29.07.2019 |
Рубрики правового классификатора: | 010.030.000 Государственные языки (языки народов) в Российской Федерации, 010.030.020 Использование и защита языков в субъектах Российской Федерации. Государственные языки республик в составе Российской Федерации |
Вопрос юристу
Поделитесь ссылкой на эту страницу: